Выбрать главу

Иванов Иван Иванович-Имииһит Уйбаан

1950 сыллаахха, I Күүлэт «Куйбышев» холкуоһуттан биһиги II Күүлэккэ, «Карл Маркс» холкуоска, үлэлии көһөн кэллибит. Аҕабытын онно холкуос бэрэссэдээтэлинэн анаатылар. Ити дьыл Төҥүргэстээхтэн II Күүлэккэ Имииһит Уйбаан диэн киһи дьыл итиитин кэннэ кэллэ. «Дьиэтэ-уота суох, аан дойдуну кэрийэ сылдьар киһибин, идэм диэн – тирии имитэбин, эһиги тирии имиттэрэҕит дуо?» – диэбитэ. Кини Хоруоларга түспүт. Төҥүргэстээхтэн Федотов Миитэрэйдээх (кинээс) көһөн киирдилэр. Уйбаан сыыр аллараа өттүгэр, Хоруолар эргэ дьиэлэрин көҥүллэтэн, онно олорбута. Күүлэтинэн эҥин сылдьар. Сиргэ хоно сылдьар. Аан дойдуну бары кэрийэр. 1952 сылтан биһиэхэ куруук сылдьар буолла.

Ити сыл сааһыгар мин ыалдьан олох утуйбат буоллум. Сытар сирим муннугунан тойон ыҥырыа дыыгынаан киирэр, инньэ гынна да, олох уум көтөн хаалар. Хас да түүн утуйбакка эрэй бөҕөнү көрбүтүм кэннэ, биир сарсыарда Уйбаан киирэн кэллэ: «Эн ити тоҕо түүн утуйбакка хаама сылдьаҕын?» – диэн соһутта уонна тугу-тугу гыммыппын, хаста табахтаабыппын оруобуна кэпсээн биэрдэ. Онно, дьэ, барытын кэпсээн биэрдим. «Дьэ аны утуйар буолуоҕуҥ, күүлэҕэр маҥан былааттаах дьахтар кэлэн турарын үүрдүм. Сыырга улахан киһи көмүллэ сытар. Ол киһи тойон ыҥырыа буолан кэлэр. Эн мээнэ ол диэки хаампат буол. Куһаҕан чөҥөчөк баар, баҕар онно түбэһэ түһүөҥ уонна онно ииктээбэт буол», – диэбитэ. Мин төбөм оройо аһыллан, тыбыс-тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буола түспүтүм. Дьэ онтон бэттэх Уйбаан, миэхэ хас кэллэҕин аайы, ону-маны кэпсиир, бөлүһүөктүүр буолбута.

Биирдэ сүөһүҥ өнүйбэт, онон сүөһү уйатын оҥоробун, бу түүн Балҕарах Баһылайдаахха (Григорьев Василий) сүөһү уйатын оҥоробун, Балаҕаннаахха олороллор, эн онно тиийээр, таарыччы эйиэнин оҥоруом диэбитин, мин барар кыаҕым суох, онон бэйэҥ оҥороор диэтим. Тустаах киһитэ суох ол кыаллыбат диэтэ, онтон хас да хонон баран кэлбитигэр, мин ыйыттым: «Миэнин, хайа, оҥордуҥ дуо?». Онуоха: «Суох, суох, бэйэҥ барбатаҕыҥ дии», – диэтэ. Мин эмиэ олох утуйбат, туой куттанар буолан хааллым, дьиэм тыаһыыр буолла. Уйбааҥҥа ону кэпсээтим, хайдах эрэ кэпсиэх санаам кэлэр. Ол иһин ону: «Буолуо, буолуо…» – эрэ диир уонна үөһэ хантаарыҥныыр, онно көрдөхпүнэ – кыламана маҥан, хараҕа муус курдук, хараҕын киһиэхэ олох көрдөрбөт, былаатынан саба баана сылдьар.

Сэппэрээтэр миэхэ эрэ баар. Чугас олорор ыаллар сарсыарда аайы миэхэ киирэн эринэллэр. Өкүлүүн эмээхсин түөрт ынахтаах, үүт бөҕөнү эрийэр. Биир сарсыарда Уйбаан, кини үүт эринэн тахсыбытын кэннэ, эттэ: «Хайа, Өкүлүүн үүт бөҕөнү эрийэн бөҕө дуу, сүөгэй бөҕө дуу, ол эрэн ити уһаабат. Ийэлэрэ Өкүлүүн хараҕа суох буолан өлүө. Аҕалара Даайылла биригэдьиирдээн бэбээрии бөҕө дуу, ол эрэн үйэтэ уһаабат, куһаҕан ыарыы буолан өлүө. Улахан уоллара Дьөгүөр аармыйаттан кэллэ буолан баран, икки тыллаах дьахтар икки ардыгар түбэһэн, суорума суолланна». Мин аньыырҕаан бөҕө буолабын, наар куһаҕаны кэпсиигин диэн сөбүлээбэппин. Ону этэр: «Эн итэҕэй-итэҕэйимэ, ити барыта туолар. Дьэ көрөөр да, истээр». Кырдьык, кини эппитэ барыта туолбута. Кини сүүрбэттэн тахса сылы өтө көрөр дьикти идэлээх киһи эбит этэ. Пилорама баар буолуоҕун, тыраахтар кэлиэҕин барытын эппитэ.

«Бу дьиэҕиттэн кырпай хаар түһүүтэ атын дьиэҕэ көһүөҥ, бу дьиэ аллараа өттүгэр, ортотугар, оҥкучахха киһи көмүллэ сытар, кэнэҕэс да бу дьиэҕэ олорбут дьон үчүгэйдик олоруохтара суоҕа», – диэбитэ. Кырдьык, биһиги күһүн Павлов Хабырыыллаахха дьукаах барар буолан, көһөн хааллыбыт. Уйбаан куруук миэхэ сылдьар да, ону-маны уруккутун курдук кэпсээбэт: дьукаахтарбыттан толлоро буолуо. Сайын соҕотох буоллахпына кэпсиир: «Уҥуоргу хатыҥ тумуһахха барыта тимир салҕаммыт курдук сүрдээх тыастаах тугу эрэ туруордулар. Аллараа өттүн оҥкучах хаһан акылаат курдукка туруорбуттар. Ити туох сэп буолуон сөбө эбитэ буолла?» – диэн кэпсээтэ. Мин: «Таҥара дьиэтэ буолуо», – диибин. «Суох, атын, таҥара дьиэтэ буолбатах», – диир.

Тыраахтар кэлиитин маннык диэбитэ: «Уҥуоргуттан туох да сүрдээх тыастаах, күүстээх туох да үлэтин киһилээбэт, барыта тимир сэп тыаһаан-ууһаан багдайан иһэр», – диэн, уонтан тахса сылы өтө көрөн, чуо бааччы эппитэ дьикти.

Биир сарсыарда чэй иһэ олорон: «Мантан биэс хаамыылаах сиргэ сүрдээх улахан дьиэҥ акылаата түстэ. Онно этэҥҥэ олоруоххут. Оҕолор элбэхтэр: бааллар, бааллар. Бары этэҥҥэлэр. Эппэппин, эппэппиин… Һа-һа-һаах!» – диэн күлэ-күлэ кэпсээтэ. Мин итэҕэйбэппин. Кырдьык, биэс хас сыл буолан баран, саҥа дьиэ туттан, бэйэбит бас билэр дьиэлэннибит.

Лиза төрөөбүтүн кэннэ, Павловтар көспүттэрин кэннэ, биһиэхэ биир дьикти оҕус тарбыйах төрөөтө. Сүүһүн ойбонугар туоһахталаах, улахан төбөлөөх. Хаҥас илин атаҕын туйаҕа, хаҥас өттө, маҥан дьэҥкир уһун төбөлөөх, туора сылдьар. Хаҥас хараҕа кыһыл, кыламана маҥан. Илин атаҕын хаҥас өттө такымынан (иннинэн) эмиэ такым курдуктаах, онон атаҕа токуйбат, соһо сылдьар. Сайын тиэргэҥҥэ мэччийэр, иһэ бөҕө. Бор баҕайы, тугу баҕарар сиир. Сытан баран кыайан турбакка эрэйдэнэр. Мөхсөн-мөхсөн баран турар, онон кыһын көрөргө-истэргэ ыарахан буолсу диэн өлөрөн кэбистибит. Уйбаан барбытын кэннэ ити буолбута.