Выбрать главу

Биhиги дэриэбинэбитигэр биир дьикти дьылҕалаах Дьаахса диэн киhи олорон ааспыта, кини сырдык хааннаах, үчүгэй сэбэрэлээх, орто уҥуохтаах киhи этэ. Ыhыахтарга оhуохайдарга бэркэ тыл этэн эйээрэрэ уонна сэрэбиэйдьит идэлээҕэ. Кини төгүрүкчээн көлүкэчээн кытыытыгар кыракый дьиэтигэр соҕотоҕун олороро. Дьон Дьаахса туhунан дьиктини кэпсииллэрэ: түүн киниэхэ киhи буолбатах дьахтар кэлэн барар дииллэрэ. Ол кырдьыгын-сымыйатын билбэтим эрээри, оччотооҕу тыа, дэриэбинэ дьоно сымыйаны кэпсээн оҥостубаттарын билэбин.

Ийэм барахсан миигин, соҕотох оҕо буоламмын буоллаҕа буолуо, маанылаан, харыстаан улаатыннарбыта да, бэйэм туруу үлэhит буола улааппытым. Хотоҥҥо биирдэ да ынах ыата, саах күртэрэ таhаарбатаҕа, дьиэ иhинээҕи үлэҕэ эрэ илии-атах буоларым, кинигэ бөҕөнү ааҕарым. Ороhулар ыанньыксыттара тиийбэккэ, тохсус кылааhы бүтэрээппин кытта, биригэдьиир миигин соруста, онуоха биирдэ да ынаҕы ыан көрбөтөх бэйэм (аккаастыыр эҥин диэни билбэппин) сөбүлэстим. Дьэ саллыам иhин, аарыма улахан симментальскай боруода ынахтары биэрдилэр. Кыhалҕа үөрэтэр дииллэрэ кырдьык, син сыыйа үөрэммитим. Балаҕаннаах фермата Ороhуттан чугас, аҕыйах биэрэстэ буолан, дьиэбиттэн уунан сылдьан үлэлээбитим. Арай, биир күн, киэhээҥҥи ыам кэнниттэн, сылбырҕа соҕустук хааман дьиэлээн иhэн көрбүтүм: сыыр үрдүгэр баар киhи уҥуохтарын быыстарынан уhун дыраҕар уҥуохтаах хара бэкир киhи хаамыталыы сылдьар эбит. Мин сөҕө санаатым, хайалара бачча киэhэ киhи уҥуоҕар сырыттаҕай диэн. Чугаhыахча буолан эрдэхпинэ, киһи ити сиртэн чугас, икки өссө да толорулла илик сиилэс дьаамата сэргэстэhэн турар сирин диэки сылбырыс гынна да, ити айылаах дип-дириҥ дьаамаҕа ыстанан кэбистэ! Мин сөҕүү бөҕөнү сөхтүм, тиийэммин икки дьааманы иккиэннэрин өҥөйөн көрөөччү буоллум – киhим суох! Сиидэс дьааматын түгэхтэрэ хара буорунан көрөн сыталлар! Мин, киhи эрэ буоллар, дьэ, өйдөөтүм, киhи уҥуоҕун быыhынан барыҥнаан сылдьыбыт киhи буолбатах, аллараа дойдуттан быгыахтыыр абааhы илэ бэйэтинэн эбитин. Куттанаммын, уолуйаммын, дьиэм диэки кыаҕым баарынан түhүнэн кэбистим.

Сороҕор дьикти түүллэри көрөөччүбүн. Арай, биирдэ түhээтэхпинэ, хоспор ороҥҥо сытабын. Күүстээх ардах курулаччы түhэ турар, түннүк өстүөкүлэтинэн уу таммахтара тохтоло суох саккыраhан түhэллэр, Варфоломеева Ася диэн оройуон киинигэр олорор быраас дьахтар түннүгүнэн хос иhин көрөн турар. Соhуйан уhукта биэрдим: мин бу дьахтары соччо мээнэ көрбөтөх, билсибэтэх киhим, түүлбэр киирбитин сөҕө санаатым. Сотору буолаат, Варфоломеева Ася Бүлүү өрүскэ сөтүөлүү сылдьан, сүрэҕэ тохтоон бараахтаабыта.

Таhараа ыалбыт аҕалара Конанов Илья, кэргэниттэн Марыынаттан арахсан урукку кэргэнигэр бараары, харчытын барытын кини сберкиниискэтигэр көhөрбүтүн кэннэ, анарааҥҥы дьахтар «эйиэхэ кэргэн тахсыбаппын» диэн кыккыраччы аккаастаан кэбиспит. Мин түhээн түүл көрдүм: Конанов Илья «Беларус» тыраахтарыгар олорон, үрдүк да үрдүк хайаттан түhэн талыгыратан иhэр эбит. Эмискэ тыраахтар түҥнэстэн түөрэ барда да, эргичийэн кулахачыйа-кулахачыйа хайаттан сууллан түстэ! Аҕыйах хоноот, Конанов Илья суорума суолламмыта. Барахсан, күлэн-үөрэн, үчүгэй да майгылаах киhи этэ.

Мин лоп курдук 40 сыл геологияҕа үлэлээбитим, геология бэтэрээнэбин. Быраактыкабар биир күн Тихонов диэн геологтыын, киэҥ-нэлэмэн, онон-манан сип-синньигэс мастардаах, дулҕалаах сиринэн хааман-сиимэн тэлээрискэйдэhэн истибит. Мин радиометриспын. Эмискэ туох эрэ уларыйыы таҕыста: геолог тула ѳттүн эргиччи кѳрбѳхтѳѳт, хаптас гынан чохчойо түстэ. Мин кинини батыһан, таспар турар дулҕаҕа олохпун оҥостон олорунан кэбистим – биһиги хаҥас ѳттүбүтүнэн сүдү улахан тайах оҕотунаан ааһан эрэллэр эбит! Бырдаҕы үргүтээри бастарын үѳһэ-аллара булкуйаллар, истэриттэн намыһах, быстах-быстах дорҕоону ыган-быган таһаараллар. Биһигиттэн тэйиэхчэ буолбуттарын кэннэ, тоҕотун билбэтим, геолог сып-сытыытык иһиирэн чыһыырта! Биһигини дьон баар диэн кѳрбѳккѳ да, билбэккэ да ааһалларын сыыһанан аахтаҕа. Аарыма тайах соһуйан ѳрѳ ходьох гына түстэ, омунугар охто сыста, сымсатык хамсанан эргиллэ биэрдэ уонна хааннааҕынан ѳһѳхтѳѳхтүк тобулу кѳрбүтүнэн, саайталаары баһын аллара туттан, биһиэхэ буулдьалыы ыстанна! Геологым диэки кѳрбүтүм – киһим кыччыаҕынан кыччыы сатаан ньохчоччу тутунна, хайыыр да кыаҕа суох буолан буолаахтыа, сип-синньигэс мастар быыстарынан сүүрэн, куота сатаан эрэр эбит. Мин турбут сирбиттэн сыҕарыйбатым, геологым куотара кѳрүдьүѳс курдуга бэрдиттэн кѳрдѳѳхтүк, улаханнык сатаарыччы күллүм. Миэхэ, уруккута ыанньыксыт кыысчааҥҥа, аарыма улахан тайах ынахха майгыннаан кѳһүннэҕэ. Күлэр күлүүм ой дуораана буолан сатараата, сири-дойдуну тилийэ сүүрдэ! Буулдьалыы ыстанан испит тайах соһуйан тохтуу биэрдэ, сирэйбин мыҥаата, тугун-ханныгын тобулан быһаарбата быһыылаах, салла быһыытыйбыттыы эргиллэ биэрээт, тѳттѳрү ыстанна. Тайахтар баран иһэр хайысхаларынан сиэлэ турдулар.