Балаҕан иһигэр туох элбэх мал-сал кэлиэй: уһун аһыыр остуол, иһиттэрэ-хомуостара, ороннорун таҥаһа – бүттэҕэ ол. Балаҕан дьиэҕэ сыһыары ас астыыр, үүт ытыйар үгэх баар. Таһырдьа элбэх тутуу суох. Арай ампаар баар, онно тоҥ арыыларын лаабыс ороҥҥо уураллар. Бүгүн сарсыардаттан ураты күн – сүпсүлгэн бөҕө, эдэр кыргыттар элэстэнэн олороллор. Киэһэлик хотонтон киирэн, үүттэрин сылытаат, ытыйа охсон, сорох бэҕэһээҥҥи сүөгэйи иирдэн-арыылаан, улахан таастарга таптайан, ампаарга таһааран уурдулар. Үрдүгэр чыыһылатын туруоран, кириэс-мараас тардан кэбистилэр. Дьэ уонна, сэмээр сылдьан эрэ, Миитэрэй оҕонньору күүтүү-кэтэһии. Буолумуна даҕаны, дьоннорун тустарынан, өстөөх сэриитэ ханна тиийбитин истээри, кулгаах-харах буолан сырыттахтара.
Хата, Миитэрэй өр күүттэрбэтэ. Таһырдьа ыт үрэн иһэн тохтоотун кытары, атах тэбэнэр тыас күндүтүк иһилиннэ. Аһыллыбыт ааҥҥа тымныы салгыны будулутан, Миитэрэйдэрэ киирэн кэллэ. Дьиэлээхтэр эҕэ-дьэҕэ буола түстүлэр. Оһох уотун эбии күөдьүтэн, сонун истээри, остуол тула мустан олордулар. Миитэрэй сыгынньахтанан, оһох иннигэр илиитин саратан иттэ түһээт, холтуунун хостоон, хамсатыгар табах уурунан, сыпсынан кыһыл чоҕу ытыттаран ылан табаҕын уматтан, соппойо түстэ уонна көхсүн этитэн баран, аҕалбыт куулун сүөрэн, кыргыттарга эр-биир мөһөөччүктээх кэһиилэрин туттартаан кэбистэ. Оҕолор ойон тураат, оҕо-оҕо курдук быыс кэннин диэки көтө турдулар. Отур-ботур кэпсэтэллэрэ эрэ иһиллэр.
Улахан өттө остуол тула ыһыырынньык уотугар сонун истэ хааллылар. Миитэрэйдэрин кэһиититтэн кыратык сып да гыннардылар. Күө-дьаа кэпсэтэн бардылар. Ол олорон Миитэрэй: «Хайа, бүгүн түүн Сэмэн оҕонньордооххо бит-билгэ буолар дуо?» – диэн ыйытта. «Буолар, буолар, мааҕын оҕонньор эппитэ», – диэн Захар төтөлө суох хардарда. «Ээ, чэ бэрт, туох дьыл-хонук иһэрин, сэрии хаһан бүтэрин билиэхпит буоллаҕа», – хайалара эрэ эбии тыл кыбытта.
Ол курдук, балайда олоро түһээт, түүн үөһэ буолуута чугас ыалларыгар субустулар. Кыра Маайа, баҕарбатар да, батыста. «Хата, сэрэбиэйдэниэҕиҥ», – дэһэн, өтөх сэргэтин таһыгар тохтоон, боччумуран туран хаар сиидэлээтилэр. Бу миэнэ, оттон бу эйиэнэ дэһэн баран, дьоннорун эккирэттилэр. «Сарсыарда эрдэ дьоммут иннинэ көрүөхпүт», – дэһэн сүбэлэстилэр. Баран иһэн Даайа кыыс, сылгы сааҕыттан иҥнэн, умса туруйалаан ылла да, хата охтубата. Онтуттан халлааны сатарытан алларастаан иһэн, эмискэ соһуйан айаҕын саба тутунна. Бөтө бэрдэрдилэр, куттаннылар: арба бүгүн чуумпутук иһийэн сылдьыллыахтааҕын умнубуттар. Ханна эрэ мутук тостон ылла, тымныы салгын сирэйдэрин хаарыйталаата.
«Уччаа-а!» диэбитинэн Сэмэннээх балаҕаннарыгар көтөн түстүлэр. Аан аһыллан баран, сабыллыбат үлүгэрэ буолла, ону кытары тымныы салгын кииристэ ахан. Саастаах өттө: «Күйгүөрэн бүтүҥ!» – дэстилэр. Итиччэ буойуллан баран, хайыахтарай, миэстэлэрин булан олордулар. Сөдүөччүйэ сахалыы сайбаччы таҥныбыт. Көмүлүөк оһоҕун күөдьүтэн, хардаҕас мас эбэн биэрээт, «Дьэ!» диэбиттии Сэмэнин диэки тоҥхох гынна. Сэмэн кырдьаҕас тута таһырдьа дьөгдьөрүс гынан хаалла. Сотору буолаат, тоһугураччы тоҥмут үс атахтаах остуолу сэрэнэн киллэрэн, оһох иннигэр сирэйинэн сытыарда. Сөдүөччүйэ эмээхсин иһиккэ уулларбыт ынах арыытын ууммутун ылан, остуол сирэйэ ирбитин кэннэ, ньалҕаарыччы сотон кэбистэ. Ортотун диэки кириэс оҥордо. Балаҕан иһэ чуумпу да чуумпу. Арай оһох тыаһа тыс-тас умайа оонньуу турда. Арааһа, сөп буолла диэбиттии, Сэмэн остуолу эргитэн, дьаһайардыы ботугураата. Кини саҥатын ким да өйдөөн истибэтэ. Эмискэ остуоллара, арай, түөрэҥнээн иҥнэх гынна уонна балаҕан ортотугар аҥаар атаҕын көтөҕөн иһэн, тохтоон хаалла. Маайа кыыс, сөбүлээбэтэр даҕаны, дьону кытта ыга симсэн турда. «Аны туох буолар?» диэбиттии дьон суугунаһан ыллылар. Сэмэн оҕонньор көрдөһөрдүү: «Сөбүлээбэт киһиҥ баар буоллаҕына, онно тиийэн тохтоо», – диэтэ. Остуоллара иҥнэх гынан хамсаан барда уонна кыра Маайа иннигэр, лоһугураан тиийэн, турунан кэбистэ. Дьулаан көстүү! Кыыс куттанан, этэ салаһан ылла. Сиргэ тимириэҕин, сирэ кытаанах буолан биэрдэ. Сэмэн оҕонньор кэлэн: «Тукаам, Маайа, таҕыс, дьиэлээ, сөбүлээбэтэ», – диэн эрдэҕинэ, кыыс хап-сабар таһырдьа ойон хаалла. Кыл тиэтэлинэн балаҕанын диэки хааман хоочугуруу турда. Халлаан сырдыгын, толору ыйы сөбүлүү көрдө. Иһигэр: «Остуоруйа курдук дии, дьэ дьикти, остуол хайдах итинник буолуон сөбүй?» – диэн эдэркээн өйүгэр баппат толкуйу толкуйдаатар даҕаны, хоруйун кыайан тобулбата.
Балаҕан айаҕар турар маһынан атаҕын тэбэнэн, ыарахан халҕаны аһан иһирдьэ киирэн сыгынньахтанаат, мас кыстыыр сиртэн оһоҕор хардаҕас эптэ. Көмүлүөк оһох барахсан, үөрбүттүү, балаҕан иһин сырдаппытынан барда. Холумтаҥҥа турар чаанньыктан итии чэй кутунна. «Иһиттэххэ, ыал аайыттан хаарыан дьоммут эргиллибэттии симэлийдэхтэрэ…» – диэн улахан киһи курдук толкуйдаан ылла. Илиитин тарбахтарын көрүннэ. Төһө өр маннык олорбута буолла, сыыйа кыргыттара, дьоно кэллилэр. Саастаах өттө, истибиттэрин ырытан, олоро түстүлэр. Оҕолор ороннорун оҥостон, утуйарга бардылар. Маайа эдьиийин Дуунньа төбөтүгэр сытар. Арай иһиттэҕинэ, улахан дьон: «Барахсаттар куруутун сүүрдэллэр, адьас дьарык оҥоһуннулар. Ити соччото суох ээ. Остуол куһаҕаҥҥа сүүрэр. Соҕотох уоллара сэриигэ өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбитин итэҕэйээхтээбэттэр. Ону күүтэн, билгэлээн тахсаллар», – эҥин диэн кэпсэтэллэрэ иһиллэр. Итинник дьон кэпсэтэллэрин истэ сытан, утуйан хаалла. Сарсыарда ким эрэ тардыалыырыттан уһуктан кэлбитэ кыргыттара: