Выбрать главу

Чэ, ити курдук элбэх сыл аастаҕа буолуо, биир үтүө киэһэ, үлэ кэнниттэн, эмчиттэр кэлбиттэригэр көрдөрөөрү уочараттаатыбыт, мин утуктаан, быар куустан, олоппоско олордум. Ол олорон кэпсэтэбит, алтыһар чугас дьонум эҥин бааллар. Эмчиттэри кытары саха киһитэ баар, дьоҥҥо быһаарар, манан-итинэн диэн тутан көрөр эҥин. Мин ол олорон: «Бэйэҥ да билэҕин, эмчиккин быһыылаах», – диэн тыл бырахтым. Кэнники диэки сылдьар этэ, онтон кэннибэр кэлэн туран: «Баҕар (түөрт уон сэттэ сыл миэхэ харахпар, санаабар кэлэр улуу кырдьаҕас аатын ааттаата) буолуом, эмчит да буолуом – кини сиэнэ буолабын», – диэтэ. Мин олорон эрэн сууллан түһэ сыстым, элбэх сыл муунтуйбут боппуруоһум эппиэтэ тиийэн кэлбититтэн соһуйдум аҕай. Уолу соһуттум быһыылаах, тула да дьонум соһуйбуттара буолуо, мин онно эрэ наадыйбат турукка киирдим.

«Эн кимҥиний, хантан сылдьаҕын?» диэн боппуруос бөҕө куттум. Барыта сөп түбэстэ. Өссө өйбөр илдьитим киирэн кэлэн этиттэ: «Мин эйиэхэ илдьиттээхпин, эһэҥ уҥуоҕар күһүн, көмнөх сэбирдэх түһүүтэ, бара сылдьар үһүгүн», – диэтим. Уонна испэр саныыбын, түөрт уон сэттэ сыл тухары тыа саба үүммүтэ буолуо, ол иһин көстөөрү гынара буолуо, испэр сүттэ да ини диэн саныыбын.

«Илдьити эттим, дьэ төрдүлэргин кытта бэйэҥ быһаарсаар,» диэннээхпин. Ол кэнниттэн кырдьаҕас хаартыската мин харахпыттан сүппүтэ. Кэлин төлөпүөнүнэн билсэ сылдьыбыппар, уол «суох бара иликпин» диэбитэ. Ол дьыл «чэ, бээ, сорукпун толордум» диэн тохтообутум. Билигин ол уолу кэтээн көрөбүн-истэбин, сахалыы да буолбатар, син биир дьону эмтии-томтуу сылдьар. Дьэ кырдьык эбит атын ситим баара, күүстээхтэргэ бириэмэ диэн суох: син биир булан, соруктарын толортороллор.

Киһи туох эмэ дьиктини биллэҕинэ, өссө сэҥээрэн билиэн-көрүөн баҕарар эбит. Мин бу кэпсээбит түгэним санаабыттан ааһан-араҕан биэрбэтэҕэ. Дойдум дьонуттан кырдьаҕас оҕолоро кимнээх этилэрэй диэн сураспытым уонна, бэйэм кыратык билэрбинэн, иитийэх эрэ оҕолоро өтөҕөр кэлэн олоро сылдьыбыттар, төрөппүт оҕолооҕун туһунан ким да билбэт эбит этэ. Арай, балтым кыыһа, урукку дьон төрөппүт оҕолорун кытта күүс былдьаһан сойуолаһалларын иһин, төрөөтүн кытта түннүгүнэн куоттаран, атын ыалга биэрэллэрин туһунан этэр. Онтон хаалбыт оҕо сыдьаанын миэхэ буллартарбыта буолуо дэспиппит. Били илдьит тиэрдибит уолум: «Дьонум олох кистииллэр этэ, эһэм кыратык тэп гыннардаҕына улуу ойуун сиэнэбит диэн быктарара. Ол иһин билэбин, хаан уруу тардыыта оннук күүстээх», – диэн этэрэ.

Аны, ити ыйыталаһа сылдьан, биир кырдьаҕас эдьиийбиттэн сураспыппар, сайын оҕолоро, сиэннэрэ сайылыкка таҕыстахтарына, бу сыллар тухары харбаан, көннөрөн хомуйаллар эбит. Ону «убаастыырым бэрдиттэн» диэбитэ. Баран көрүөх санаам өссө күүһүрбүтэ. Аны, урут буойуллубут буолан, туох эрэ көҥүлү толорон баран тиийэр эбиппин диэн санаа хантан кэлбитэ буолла, наар оннук санаалаах сылдьар буолбутум. Ол сайын идэлээх киһини кытта Монголияҕа барсыбытым. Монголия, Бурятия айдарыылаахтарын кытта көрсүһүннэрбитэ, бэйэтэ алгыс түһэрбитэ. Үрдүк айыылартан көҥүл ылбытым. Барытын ыйан-кэрдэн биэрбиттэрэ. Кэлээт, дойдубар тахсыбытым, биир хоноот, ас-үөл бэлэмнэнэн, күтүөппүнэн илтэрэн, тиийиэхтээх сирбэр тиийбитим.

Тиийбитим – уҥуоҕа мин уон түөрт сааспар хайдах көрбүтүм курдук турарыттан, таастаах араамата, кыһыл кырааската, кырдьаҕас сирэйэ-хараҕа олох бэйэтинэн чоҕулуччу көрөн олороруттан соһуйбутум аҕай. Тиийэн, үҥэн-сүктэн ирдэбили толорон баран, аны хаартыскаҕа түһэрээччи буоллум. Ол – мин сыыһам. Чэпчээн хаалбыт курдук буолан, дойдулаатым. Биир сыыһабынан, хаартыскабын бэчээттэтээри гынным, арай үстэ таһааран көрдүлэр – бүдүк-бадык. Дьэ, ыксаатым, мин тугу эрэ сатамматы оҥорон эрэбин диэн. Онтон ыла ыалдьан бардым: эбиэккэ диэри тилир курдукпун, эбиэттэн киэһэ сэниэм суох сытар буоллум, кыраадыһым отут аҕыска тиийэр. Нэдиэлэ буолан баран, быраастарынан сүүрдүм. Быраас барыта үчүгэйгин дииллэр. Хайдах-хайдах баҕайыный диэн, өссө да өйдөөбөппүн. Онтон кыыһым алаадьылаата: «Маама, эн сыыһаны оҥоро сылдьаҕын. Эн киһи уҥуоҕуттан хаартыскатын тіліпµіІІэр тµґэрбиккин, көҥүлэ суох таһаартара сатаабыккын. Ол дойду дьоно эйигин буруйдууллар, кэһэтэллэр, үөрэтэллэр», – диэтэ. – Билигин айылҕаҕа тахсан, бу алаадьыны уур, уонна хаартысканы соттор», – диэтэ.

Хайдах хаартыскаттан босхолонооппун кытта, хараҕым сырдаан, сэниэ киирэн, эбиэттэн киэһэ сытыахпын баҕарарым сүтэн хаалла. Дьэ буолар да эбит.