Выбрать главу

Ыт – киһи доҕоро

1941 сыл. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланан, ыарахан күннэр үүммүттэрэ. Хаабыһаптар дьиэ кэргэнтэн аҕалара Хабырыыс уонна икки уоллара сэриигэ ыҥырыллыбыттара. Кыыстара Маайыс соҕотох хаалбыта.

Кыыс ытын доҕор оҥостон, тулаайах курдук бэйэтин санаммата. Тиэргэннэриттэн ханна да барбакка, балаҕаннарыгар бэйэлэрэ эрэ суулаһан олорбуттара. Таайа аах кыһын олорсоллоро, онон дьон суоҕар Суолдьут соҕотох дурда-хахха буолбута, бэл, кыыска дьону чугаһаппата.

Биир сыл буолан баран, аҕата сураҕа суох сүппүтүн туһунан хара сурук кэлбитэ. Ол күн Маайыс икки хараҕа дьолтойо иһиэр диэри ытаабыта. Иккис сылыгар кыра убайа тааҥканан өстөөх кирбиитигэр киирэн иһэн, умайан өлбүтүн туһунан сурук туппута.

Сэрии сылларыгар сут-кураан күннэр буолбуттара. Маайыс уон биэһин быйыл саас туолуохтаах, ону ол диэбэккэ, холкуоска үүт астааччыга көмөлөһөөччүнэн үлэлии киирбитэ.

Биир сарсыарда аччыктаан, оронуттан кыайан турбакка сыттаҕына, ыта тыаттан куобах тутан аҕалбыта. Кыыс наһаа үөрбүтэ, оронуттан нэһиилэ туран, байааттаҥныы-байааттаҥныы куобаҕын астаабыта. Ол күн тот утуйбута. Ити күнтэн ыла Суолдьут кус, куобах тутан аҕалан, кыыһын аһатар буолбута. Сороҕор нэдиэлэни нэдиэлэнэн тугу да аҕалбата, оччоҕо буруйдаах курдук туттан, кылап-халап көрө-көрө сытаахтыыра. Күһүнүн отоннууллара, сайынын тэллэйдииллэрэ. Ытын доҕор оҥостон, кыыс тыаҕа куттаммакка сылдьара. Дьон-сэргэ да Суолдьуту хайгыыллара, өйүн сөҕөллөрө.

1945 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы күнэ үүммүтэ!

Биир сайыҥҥы нуурал киэһэ улахан убайа уонна аҕата тиийэн кэлбиттэрэ. Аҕата бааһыран госпитальга сыл курдук сыппытын билбэккэ хара сурук ыыппыттар эбит.

Иччитигэр бэриниилээх ыт туһунан дьон кэпсээнин, аҕалаах убайа долгуйа истибиттэрэ. Ыт киһиэхэ дьиҥнээх доҕор буоларын кинилэр чахчы итэҕэйбиттэрэ.

Дойду ахтылҕана

Саша Пекиннээҕи циркэ оскуолатыгар, элбэх оҕоттон талыллан, үөрэнэ киирбитэ. Күҥҥэ уон икки чаас устата дьарыктаналлар. Уолаттар устуойкаҕа туран, алта уонтан тахсата анньыналлар, оттон Саша сүүскэ тиэрдэр. Кини үөрэҕин ыарырҕаппат, кытаанах дьиссипилиинэҕэ үөрэнэн эрэр. Биллэн турар, ыарахаттар бааллар. Холобура, бу дьарыктанар саалаларыгар көлөһүн эрэ буолбакка, харах уута күннэтэ тохтор: туох эрэ сатамматыттан, табыллыбатыттан, кыра эчэйииттэн.

Соторутааҕыта Пекиҥҥэ ыытыллыбыт Кытай оонньууларын күрэхтэһиилэригэр саха оҕолорун «наһаа күүстээх оонньооччулар, профессионаллар» диэн киллэрбэтэхтэрэ. Оҕолоро финал аһыллыытыгар тугу сатыылларын дьоҥҥо көрдөрбүттэрэ.

Саха сириттэн сылдьар устудьуоннар Пекин куоракка син элбэхтэр, циркэ оскуолатыгар үөрэнэр оҕолорго эдьиий-убай курдук сыһыаннаһаллар. Оҕолор бары бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, араас тэрээһиннэргэ бииргэ сылдьаллар. Кытайга тиһигин быспакка кэлэр «Кэскил» хаһыаты олус кэтэһэллэр, күүтэллэр. Ахтылҕаннаах дойдуларын, бииргэ үөрэммит оҕолорун туһунан ааҕаннар тэҥҥэ үөрэллэр-көтөллөр, Саха сиригэр сылдьар курдук сананан ылаллар.

Ол да буоллар, Саша төрөөбүт дойдутун, ордук ийэтин, бырааттарын олус ахтар. Утуйаары сытан дьонун-сэргэтин, төрөөбүт түөлбэтин санаатаҕына, хараҕын уута ыгыллан тахсар.

* * *

Ийэтэ үс кыра оҕотун кытта дэриэбинэҕэ олорор. Саша дойдутуттан тэйбитэ хайыы-үйэ сыл буолла. Ийэтигэр нэдиэлэ аайы сурук суруйар, биирдэ эмэ төлөпүөннүүр.

Биир күн дьиэлэригэр тохтоло суох төлөпүөн тырылаата. Ийэтэ уолум эрийэр диэн сэрэйэн, ыксалынан сүүрэн тиийбитэ. Ыраахтан эрийдэхтэринэ итинник тохтоло суох тыаһааччы. Туруупканы ылбытыгар, сэрэйбитин курдук, уола Саша эбит. Ийэтин кытта түргэн үлүгэрдик (харчы бараамаары) саҥаран барда.

– Ийээ, мин үөрэхпин быраҕаары гынабын. Эһигини, дойдубун наһаа ахтабын.

– Эн биһигини санаама. Икки сылынан үөрэххин бүтэрэн төннөн кэлиэҥ дии. Сахаҥ сирэ эрэнэн ыыппыта. Тулуй, биһиги үчүгэйдик олоробут, – ийэтэ эрэйдээх, оҕотун төһө да аһыннар, кытаанах санаатын киллэрэн, төлөпүөн туруупкатын уурда. Ийэ уолун кытта кэпсэтэн бүтээт, уйадыйан, хараҕын уута тохтоло суох сүүрдэ.

Уол, санаарҕаан, ол күн утуйбата. Хас да күн, саҥатыттан матан, хаҕа эрэ сырытта. Оҕолор уоскута сатаан:

– Эн ийэҕин санаа, ити кэпсэтии кэнниттэн төһө эрэ санаата түстэ. Куоракка киирэн, хайдах эмэ эйигин түргэнник төннөрөр туһунан толкуйдуур түбүгэр түстэҕэ…

Биир күн уол, эр санааны ылынан, ийэтигэр эрийдэ.

– Ийээ, мин икки сылы тулуйуом, эн санаарҕаама. Үөрэхпин бүтэрэн, төрөөбүт дойдубар, Сахам сиригэр, туһалаах киһи буолуом диэн эрэннэрэбин. Аны итинник саҥарыам, эйигин хомотуом суоҕа.