Выбрать главу

Захар бу кэмҥэ биирдэ арыгыны амсайда да, тохтообокко салгыы барар, абырахтанан эрэ өрүттэр буолан сылдьар кэмэ этэ. Кини дьиэтигэр эмиэ «чэпчээн», дьаһайара, тойомсуйара элбээн иһэрин көрдөхтөрүнэ ийэтэ, кэргэнэ, оҕолоро бука бары соҥуора түһэллэрин сороҕор өйдөөн көрөрө да, ол саҕана ону долоҕойугар тохтотуо баара дуо! Ийэтэ, кэргэнэ тула көтө сылдьан утута сатаан муҥнаналлара. Аны санаатахха, улам арыгы дьаатыгар сутуллан, ончу атын майгылаах-сигилилээх Захар буолан бараахтаабыта.

«Дьиэ туттубаппыт дуо?» – диэхтээбитэ Варя. Бэйэтэ ол ыра санаата туоларыгар соччо итэҕэйбэтэр да. Биир эрэ киһи хамнаһыгар, үс кыра оҕолоох дьон хантан дьиэ туттуохтарай? Дьиҥинэн, Захар уруккута буоллар дойдутугар олохсуйарга быһаарыммыт эрээри, ону эрдэттэн толкуйдуохтаах этэ. Ийэлэрин дьиэтэ эргэрэн, акылаата тэллэйдэнэн, улам-улам иҥнэри түһэн бараахтаабыта. Кыһын тымныйара да бэрт этэ.

Итинник сылдьан үлэ, олорор сир көрдүүбүн диэн ааттаан, сотору-сотору Дьокуускайга баран хаалар идэлэммитэ. Урут соҕуруу бииргэ үөрэнэ сылдьыбыт атастарын көрсөн хампаанньалаһан, биир эмэ өйдөөх киэһэтигэр аймахтарын булан хонон, нэдиэлэни быһа таах сылдьан баран төннөрө элбээбитэ. Иһээччи киһи начаас сымыйаччы буолар, нэдиэлэни быһа куоракка хайдах үлэ көрдүү сатаабытын, куортамныыр дьиэ-уот көрбүтүн туһунан «байкаларын» Варя барахсан бастаан сыҥаах баттанан олорон сэҥээрэн истэрэ.

Ийэтэ кэлэйээхтиир, итэҕэйбэт быһыылааҕа. Куораттан аҥнан-бохтон төннөн кэллэҕинэ саҥата суох унаарыччы көрөн баран хоһугар киирэн хаалара. Варя ис-иһиттэн сымнаҕас, холку майгылаах этэ. Ол эрээри, эмиэ уларыйаахтаабыта. Төһө кыалларынан, оҕолоро истибэттэригэр этэ-тыына, өйүн буллара сатыыра. Ытыыра-соҥуура элбээбитэ. Киһи хараҕар быраҕыллар курдук кууран-хатан барбыта.

Иһэр киһи улам-улам майгыта-сигилитэ, нууччалыы этэллэрин курдук, «деградацияланан», киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн уларыйан иһэр дииллэрэ кырдьык. Захар таҥара көмөтүнэн, кэргэнигэр илиитин көтөхпөтөҕө эрээри, түҥнэри анньыталыыр буолбут этэ. Оо, биирдэ ийэтэ эрэйдээҕи туох эрэ диэн сэмэлээри гыммытыгар «мээрилии олорума, утуй!» диэн баран оронугар түҥнэри анньан кээспитин билигин санаатаҕына тыына хаайтарыар диэри бэйэтиттэн кэлэйэр.

Биирдэ сэлиэнньэҕэ баар «туочукалары» кэрийэн аһыы-сии сылдьан, эмискэ куораттыырга быһаарынан дьиэтигэр киирэн, харчы көрдүү сатаабытын ким да биэрбэтэҕэ. Хантан оннук өй көтөн түспүтэ буолла, хоско хомуот үрдүгэр турар Варята киэргэллэрин уктар шкатулкатыттан кыһыл көмүс сыапачыканы, ытарҕаны сулбу тардан ылан сиэбигэр уктан тахсыбыта. Куоракка илдьэн онтун ломбарка туттаран икки-үс күн көрүлээбитэ. Өйдөнөн баран кэмсиммитин, төбөтүн кырбаммытын иһин туох кэлээхтиэй! Варя онно хомойон, абаран хараҕын уутунан сууммутуон… Ийэлэрин харыстаан киниэхэ эппэтэҕэ быһыылааҕа. Онон эрэ тохтуох киһийдэх буолуо дуо, ити буруй сойуута сотору эмиэ икки биһилэҕи «сойбоппута». «Ыал оҕолоро киирэн оонньообуттара, бу сырыыга мин ылбатаҕым», – дии-дии кэлиилии кэбэн, мэлдьэһэ олорбута.

Туундара туллуга хоту көппүтэ

Ол сураҕы истээт, Захар ончу даҕаны түлэй-балай олоҕо саҕаламмыта. Дьэ кырдьык, ким да иилээбэт-саҕалаабат киһитэ буолбута. Бастаан холбоһон баран Варятын «туундарам туллуга» диэн таптаан ааттыыра. Аҕыйах күн испэтэх кэмигэр кэргэнин эмиэ ити аатынан ыҥыран үөрдэрэ. Оннук кэмнэргэ, кырдьык, Варята барахсан ис-иһиттэн сырдаан, үөрэн-көтөн, мөссүөннүүн тупсан кэлэрэ. Ас эгэлгэтин астыыра, тылын баһа барыта «паапабыт» буола түһэрэ. Оҕолор эмиэ биллэрдик сэргэхсийэллэрэ, оскуолаҕа үөрэхтэригэр тугу ситиспиттэрин, дипломнарын, грамоталарын дьыбааҥҥа тиэрэ түһэ сытар аҕаларыгар аҕалан үҥүлүтэллэрэ. Ону билигин санаатаҕына уйаргыыр. Ол кэмҥэ таах күдээринэ көрөр быһыылааҕа. Уолаттар аҕалара өйдөөҕөр тыаҕа бултуу, балыктыы барсаары баҕатыйаллара. Саараама, биирдэ да илдьэ сылдьыбатаҕа. Бардаҕына табаарыстарын кытта ыраатар аатыран, уолаттарын хааллартаан иһэрэ.

Биир кыһыҥҥы киэһэ куораттан эмиэ биир уочараттаах «гастролуттан» тахсан, тыраассаҕа такситтан түһэн дьиэтин диэки көрбүтэ уота суоҕа, оһоҕуттан буруо да тахсыбата. Тугу эрэ куһаҕаны сэрэйбит курдук, сүрэҕэ «парк» гына түспүтэ. Ийэтэ балыыһаҕа сытарын билэрэ. Варя бу үлүгэр тымныыга оһоҕун оттубакка ханна да барыан сатаммат диэн саныы-саныы, төһө да өйдөөх буоллар, тэлиэс-былаас хааман дьиэтин ааныгар кэлбитэ ыт баһын саҕа күлүүс ыйанан турара. Тэлгэһэ барыта хаар, бу күннэргэ түспүт хаар күрдьүллүбэтэх этэ. Ону көрөн баран ончу иэдэйбитэ. Икки чабырҕайын туттан баран күрдьүккэ чочумча олоро түспүтэ, онтон балта Даайыстаах диэки суолу туппута.