Выбрать главу

Биир сиргэ табан олорботох, сааһын тухары суос-соҕотох, улуус аатырбыт олоҥхоһута уонна хаартыһыта Охоноон оннук «муокас» дьоннортон биирдэстэрэ этэ. Кинини «муокас киһи» дииллэрэ. Тоҕо итинник ааттыылларын кимтэн эмит ыйытар буоллар, булан этэллэрэ эбитэ дуу, суоҕа дуу, ол – биллибэт. «Муокас» эрэ диэ этилэр, чэ баҕар, уонна, саха киһитин үгэһинэн, үгүс элбэх саҥата суох, бэйэҥ көрөн итэҕэйээр диэн ыйыппыт киһиҥ буугунаан кэбиһиэ этэ.

– Ааһан иһэр аттаах ыалдьыты тохтотор ыалгыт дуу, суох дуу? – диэн сэргэҕэ атын баайа туран, кэлбит ыалдьыт үөгүлээбитэ. Онуоха дьиэлээх киһи – Бүөтүр, балыксыт оҕонньор, Ньукуу уолга эппитэ:

– Ноо, көр эрэ, ыл, киммит айаатаан-айгыстан кэллэ?

Ньукуу ыраастыы олорор балыгын элитээт, ыстанан тахсыбыта уонна, үрдүк уҥуохтаах, төгүрүк хара харахтаах билбэт киһитэ күлэ-күлэ киниэхэ, уун-утары иһэрин көрөн, тохтуу түспүтэ.

– Аһа-һа! – киһи аһаҕас баҕайытык күлэн кэбиспитэ. – Тоҕо куттанныҥ, үргүбүт куобах курдук көрдүҥ? Билбэт буоллаххына, билсэн кэбис: ааттаах сэлиик аттаах, чороҥ соҕотох олоҥхоһут Охоноону билбэккин дуо?

Киһи уол төбөтүн имэрийбэхтээбитэ уонна эмиэ аһаҕас баҕайытык күлэн кэбиспитэ.

– Олоҥхоһут Охо-но-оон? – Ньукуу бу дьиибэ киһини хантайан туран одуулаһа турбута.

Кини ити курдук аан маҥнай олоҥхоһут Охонооннуун көрсөн турардааҕа… Ньукуу ону умнубат. Олоҥхоһут Охоноону умнуо дуо? Умнубат, умнуо суоҕа.

– Киммит атыыр оҕуска дылы айаатаан кэллэ? – диэбитэ дьиэлээх оҕонньор.

– Били дьахтар хайа үөдэҥҥэ түстэ? Эмиэ ыллаан кэҕийэ сылдьар дуу? – балыксыт эмээхсинэ Ырыачайы көрдөөн, иһирдьэ-таһырдьа өҥөйтөлөөбүтэ, хотон иһиттэн саах күрдьэр мас күрдьэҕин тута сылдьар Ырыачайы сиэтэн дэллэритэн таһаарбыта уонна оһох диэки ыйа-ыйа саҥа сорудаҕы биэрэ турбута:

– Маста киллэр! Маста! Сордоох, таһырдьа тахсаат, умнан кэбиһэр ини. Күрдьэҕин туппутунан хотонун ортотугар таалан турар эбит! Илии-атах буолуохтара диэбитиҥ, үлэлээн абырыа суох хотун ээ, быһыыта.

Ырыачай төбөтүн кэҕиҥнэтэ-кэҕиҥнэтэ аан диэки атыллаабыта.

– Күрдьэххин хаалларыый! – Балыксыт эмээхсинэ дьахтарга ыстанан тиийэн, күрдьэҕин эһэ тардан ылбыта. – Маста! Умнума, өйдөөтүҥ дуо?

Ырыачай эмиэ төбөтүн кэҕиҥнэппитэ уонна тахсан барбыта.

– Хайа, туох кэпсээннээххит? – Олоҥхоһут Охоноон Ньукууһу сүкпүтүнэн киирэн кэлбитэ.

– Кэпсээн кэмчи, – диэбитэ туутун абырахтыы олорор балыксыт оҕонньор. – Эйиэхэ ини, дэлэгэй сэһэн, киэҥ сирдэринэн тэлэһийэр киһиэхэ. Эн кэпсээ! Хайа, ити уолу тоҕо сүктүҥ? Итиччэ бэдик киһиэхэ сүктэрэрэ итэҕэс дуо?

– Ээ, бэйэм. Бүөтүр оҕонньор билэн кэбис – мантыҥ ааттаах киһи тахсар уола сылдьар эбээт! Хайаан даҕаны үчүгэй киһи буолуоҕа, – Охоноон Ньукууһу сиргэ дьэ түһэрбитэ уонна саннын таптайбыта.

Ньукуу билбэт киһитин төһө баҕарар одуулаһа олоруох быһыылааҕа, ону дьиэлээх оҕонньор үөгүлээн, уол ситэ ыраастаабакка хаалларбыт балыгын өйдөппүтэ:

– Хайа, нохоо! Тугу аппайан олордуҥ? Балыккын ыраастыы оҕус!

Ньукуу хап-сабар балыктаах тымтайын үрдүгэр түспүтэ, ол эрээри сөп-сөп билбэт киһитин диэки кылап гына көрөн ылаттыыра.

– Бүөтүр оҕонньор, аргыый аҕай Күөрэлики эбэҕин умньуу сытаҕын дуу?

– Умньаамына оттон. Умньаабатахпына тугу сиэхпитий? Киһи эрэ эн курдук, олоҥхоһут буолан айаҕын ииттибэт ээ.

– Очурдаах-чочурдаах орто дойду кыһалҕата биир эрэ быһыылаах – оҥойбут айаҕы толоруу. Дьэ диэ. Тоҕо оннуга буолуой, ээ?

– Оттон оннук буоллаҕа дии. Айыллыбыта оннук ини. Киһи аһаары-сиэри төрүүр ини. Онтон ордук дьол туох баар үһүө…

– Дьэ диэ! Буоллаҕа! Айгыраабыт аан ийэ дойдум…

Ньукуу эргиллэн көрбүтэ – ыалдьыт киһи уот иннигэр бүк түһэн олорор эбит. Ньукуу уоһун хамсатан, саҥа таһаарбакка эрэ, ботугураабыта:

– Олоҥхоһут Охо-ноон…

Киһи эмиэ күлэн тоҕо барбыта:

– Аһа-һа-һа!.. Орто дойду очура-чочура көнүө суох быһыылаах! Кэпсээн эрэ баһаам, кырдьаҕаас, сыыйа-баайа…

– Хата, инньэ диэ! Эмээхсиэн, били уотуҥ! Били мас киллэрэ тахсыбыт дьахтарыҥ ханна түстэ?

– Киһи соруйан абыраныа суох киһитэ ээ… – диэн силбиэтэнэ-силбиэтэнэ эмээхсин бэйэтэ тахсарыгар тиийбитэ.

– Ол ким? Эһи элбээбит курдуккут ээ? – Охоноон сэргэҕэлии түспүтэ, Ньукуу диэки көрбөхөлөөбүтэ.

Ньукуу иэдэстэрэ итий-итий гыммыта, тутан олорор балыгын мүччү ыһыктан кэбиспитэ: кини дьон сэргэҕэлиирин сөбүлээбэт. Хайаан даҕаны: «Бу уол ийэтэ ол сылдьар – иирээки… киһи соруйан абыраммат киситэ», – диэхтэрэ. Ньукуу тоҕо эрэ билбэт киһитэ итинник тыллары истиэн баҕарбат.