– Бу туох айылаах буолла? – таһырдьаттан оҕонньор киирэн, уот иннигэр иттэ-иттэ эмээхсиниттэн хаһыытаан ыйыппыта.
Оҕонньорун саҥатын истээт, эмээхсин хотонуттан сүүрэн батыаччахтаан тахсыбыта, аны кини үрдүгэр түспүтэ:
– Аһыммыта буолан, таах кыстатаары гынаҕын дуо? Били маннык баай оҕонньор… Сип-сибилигин үүртэлээ. Кыстыыр сирдэрин буллуннар! Нохоо, Ньукуу, истэҕин дуо?
– Истэн… – Ньукуу төбөтүн умса туттан баран, ийэтин сиэппитинэн тахсан барбыта. Кини хайа диэки хайыһыан билбэккэ, балаҕан иннигэр тэпсэҥнии турбахалаабыта. Тымныыта сүрдээх эбит. Өссө бу бүгүн саҥа хаар түстэ дии. Өссө тымныйыах бэйэтэ буоллаҕа. Ханна баран, кимтэн көрдөһөн-ааттаһан тымныы кыһыны аһарыахтарай? Эмээхсинтэн киирэн арай көрдөстүн? Кыстат, тугу баҕарар үлэлиэм, ийэбин эрэ тыытыма, ханна барыахпытый диэн көрдөһөрө дуу? Ньукуу балаҕан аанын диэки хайыспахалаабыта, тэпсэҥэлээбитэ, ол эрээри атаҕа барбатаҕа. Суох, сибилигин үүрүллэн баран, Ньукуу туох да иһин киирэн ааттаһа туруо суоҕа. Ол кэриэтин… Ийэтэ туох да буолбатаҕын курдук элээр-мэлээр көрүтэлии турара, онтон эмискэ тугу эрэ өйдүү сатыырдыы дуу, үлүгүнэйэрдии дуу:
– Хайдах-хайдах баҕайыный… Хайдах-хайдах баҕайыный… – дэтэлээмэхтээбитэ.
Ньукуу Аҥар Харах хамначчыттарын хараҥа балаҕаныттан ураты тугу да билбэт, кими да билбэт. Ол мантан чугас буолуо. Хайыахтарай, онно төннөллөрүгэр тиийэллэр. Онтон туох-туох буолара көстөн иһиэ, Сүөкүлэ тугу эмэ тобулуо. Ньукуу ийэтин сиэппитинэн, хотону эргийэ тыаны быыһынан барар суол диэки хаампыта. Биир сиргэ туруохтара дуо? Аҥар Харахха баралларыгар тиийэллэр. Ньукуу Аҥар Харах кырыктаах хараҕын бу баардыы көрө түспүтэ, оо, киниэхэ барбатах киһи баар ини! Арай… арай олоҥхоһут Охоноон ханна олорорун билбит киһи! Баҕар, кини үлэһиккэ кыһаллара буолуо, ынаҕын, хотонун көрөр киһиэхэ, баҕар, аккаастыа суоҕа. Соҕотох курдук этэллэрэ…
Кинилэр тыаҕа түһэн эрдэхтэринэ, балыксыт оҕонньор ситэ баттаан ылбыта.
– Нохоо, бэйи эрэ, тохтоо! Сүрэ бэрт, мэ, маны кэт, алдьаммыт да буоллар, кэм этэрбэс аата этэрбэс. Бу кыстык хаар буолуо, атах сыгынньах – ычча, ырааҕы өтүөҥ суоҕа. Мэ, бу маны ийэҕэр саба бырах, – оҕонньор алдьаммыт, балык сыттаах куулу ууммута.
Ньукуу хап-сабар алдьаммыт улахан этэрбэһи кэтэ охсубута, ыстаанын тардыммахтаабыта уонна оҕонньортон ыйыппыта:
– Олоҥхоһут Охоноон ханна олороруй, ээ?
– Ол киһи өссө дьиэлээх-уоттаах киһи эбитэ дуу, суоҕа дуу? Биллибэт ээ. Ону тоҕо ыйыттыҥ?
– Ээ, бэйэм…
– Ыраах-ыраах. Эрэйэ суох тойоҥҥутугар тиийиҥ. Манан быһа түс.
– Ыых, сөп. Оттон олоҥхоһут ханна олорор?
– Тойонуҥ алааһыттан өссө уонча биэрэстэлээх Кустааҕы билэр инигин? Ол онно өтөхтөөх этэ урут. Билигин суоҕа буолуо ээ, кини киһи кэрийэр сирэ киэҥ. Биир сиргэ сүгүн олорбот буолуохтаах.
– Ээ, Кустаах, Кустаах… Билэбин. Онно дуу? Үрэх уҥуор Кустааҕы этэҕин дуо?
– Ээх-ээх…
Ньукуу үөрэн чэпчии түһээт, суол устун өгдөрөҥнүү турбута.
– Хайдах-хайдах баҕайыный… Хайдах-хайдах баҕайыный… – Ырыачай эмиэ сүүһүн мыччыһыннара-мыччыһыннара кыһамньылаах аҕайдык, сорумньулаах аҕайдык үлүгүнэйэн ботугураабыта уонна уолун кэнниттэн батыспыта.
– Ха-ха-ха! Аһа-һа-һа! Ыһы-һы-һы… – Охоноон быарын тутта-тутта күл да күл буолбута. – «Үлэһиккэ кыһаллаҕын дуо» диир… аһа-һа-һа! Киһи да күлэр! Мин – олоҥхоһут Охоноон, ынахтарбын, хотоммун көрдөрөр киһиэхэ кыһаллар үһүбүн… Ыһы-һы-һы…
Охоноон омуннаах соҕус күлүүтүн эмискэ тохтотоот, Ньукуу диэки көрөн кэбиспитэ:
– Атаас, эр бэрдэ, олоҥхоһут Охоноон сааһын тухары эриэн, саадьаҕай ынахтанан көрбөтөҕө. Турбут бэйэм – бу! Арай биир сыыдам сырыылаах тураҕастаахпын да, күн сарсын турдум, миинним да бардым, дьоллоох Дьокуускай эбэ хотуну өҥөйө түһэн тахсыам.
– Бардым даа? – Ньукуу куһаҕан аҕай буолан ылбыта. – Оттон биһиги… ийэм… ханна барыахпытый?
– Киһи үчүгэйдик этэрин өйдүүр киһигин дуу, суох дуу ээ? Балаҕан иччитэхсийэр диибин ээ! Мин барабын. Хаһан кэлэрим биллибэт, кэлэрим да саарбах. Эһиэхэ манна уот отто, мас кыстыы, чэй өрө олоруом дуо?
– Тоҕо? Мин бэйэм, мин эйиэхэ уот оттуом, мас кыстыам, чэй өрөн ууруом буоллаҕа дии.
– Һы!.. – Охоноон тоҥон кумуччу туттан турар Ырыачай диэки көрөн ылбыта, үөһэ тыыммыта уонна уолтан ыйыппыта: – Бээ эрэ, бээ эрэ, эн аатыҥ Ньукуу диэн этэ буолбат дуо?
Ньукуу олоҥхоһут Охоноон кини аатын өйдөөбүтүттэн үөрэн, төбөтүн кэҕиҥнэппитэ. Охоноон маҥнай Ньукууну, онтон Ырыачайы одууласпыта, онтон тугу эрэ өйдөөбүттүү күлүм аллайа түспүтэ: