Выбрать главу

– Доҕоор, оттон били мин Уот Дьулустааммын истэ олорон утуйан хаалбатаҕыҥ дуо, ээ?

Ньукуу дьиктиргээбит курдук, саҥата суох көрөн кэбиспитэ.

– Сөп-сөп. Кыыһырыма. Биллим, истибит эбиккин. Чэ, оттон… кэллигит да – хайыамый? Куораттан тахсыахпар дылы олорон эриҥ. Дьиэлээҥ. Таһырдьа мас баар. Аһым диэн кэмчи буолуо да, олорон эриэххит. Кэллэхпинэ – көрүллүө…

Тугу эрэ толкуйдаан, олоҥхоһут саҥата суох олорбохтообута, онтон эргиллэн Ньукууттан ыйыппыта:

– Бээ эрэ, оттон тойоҥҥутугар тоҕо барбатыгыт?..

– Киниэхэ барыам кэриэтин… – Ньукуу сутуругун ыстааныгар сууралаамахтаабыта. Охоноон ону саҥата суох көрөн эрэ кэбиспитэ. Онтон тохтуу түһэн баран эмиэ ыйыппыта:

– Эн ким оҕото буолаҕын? Аҕаҥ?..

– Аҕам суох үһү. Сүөкүлэ инньэ диэбитэ.

– Эһэ…

Охоноон эмиэ саҥата суох барбыта. Ньукуу сыҥаахтара ыбыгырыырын кыатана сатыы олорбута, оттон ийэтэ оһоххо өйөнөн турара.

Сарсыарда Ньукуу кинини эмиэ куоттарбыт этэ. Уһуктаат, Охоноон муннугун диэки көрө охсубута – кураанах этэ. «Туй-сиэ, эмиэ куоттарбыппын…». – дии санаат, кини эргим-ургум көрүтэлээбитэ. Охоноон барбыта ырааппыт быһыылааҕа: оһоххо уот аргыый аҕай умайан сыыгыныыра, холумтаҥҥа дьэс алтан чаанньык оргуйан бус-бус тыынара, үс атахтаах, намыһах төгүрүк остуол уот иннигэр тардыллыбыт этэ. Охоноон чэй иһээт барбыт быһыылаах, хаһан кэлэр? Биллибэт. Кинилэр манна ол аата хаалаллар дуо? Бэҕэһээ кини хайдах-хайдах эттэ этэй? Ньукуу дэлби тоҥон өйдөөн да истибэтэх быһыылаах, хаалыҥ диэбитэ! Кэлиэхпэр дылы дьиэлээҥ, онтон көрүллүө диэбитэ! Ньукуу дириҥник өрө тыынан кэбиспитэ, болтоҕор уостара ыттайан аргыый аҕай мичээрдээбитэ. Ол аата кинилэр аны – олоҥхоһут Охоноон дьукаахтара буолаллар! Ньукуу, тыыллаҥнаан баран, иккиһин утуйбута.

Оо, ол үчүгэй да кыһын этэ! Тойонуттан чып кистэлэҥинэн, хантан эрэ билэ охсоот, хаста да Сүөкүлэ кэлэ сылдьыталаабыта. «Ийэҥ сынньанан абыраннаҕа, абыраннаҕа…» – дэтэлиирэ кини уонна өрүү кэһии аҕалара. Ийэтэ биирдэ да бэргээн ылбатаҕа, өрүү биир тэҥ, холку этэ, наай гыннар арыт-арыт саҥата элбиирэ, ол ааһара. Арай куһаҕана диэн кыһын устата Охоноон үстэ-түөртэ эрэ көстөн ааспыта, ону даҕаны кэллэҕинэ биир-икки хоноот, эмиэ сүтэн хаалара. Биирдэ атын сүүйтэрэн кэлбит этэ, ол киэһэ муннунан да, айаҕынан да тыымматаҕа, сарсыныгар төттөрү сүүйэн аҕалбыта, эбиитин өссө куул аҥаара бурдуктааҕа. Ол киэһэни быһа Ньукууну күлэн тахсыбыта:

– Ньукуу уол – эр бэрдэ, Уот Дьулустаан!.. – дии-дии уол саннын таптайбахтыыра.

Кыһын түргэнник ааһа охсубута. Күрүлээн-харылаан саас тиийэн кэлбитэ, онтон чалбах уута кууран, от-мас тыллан барбыта.

Биирдэ Охоноон бэйэтэ бэйэтин кытары кэпсэтэрдии, иһиллэр-иһиллибэт эппитэ:

– Ханна эрэ Уот Дьулустаан курдук үтүө сүрэхтээх киһи олороро буолуо ээ!

Ньукуу чөрбөйө түспүтэ.

– Ол кинини булар киһи… Бэйэтэ, кыра да буоллар, туспа сүөһүлээх-астаах… Ол киһи Ырыачайы таптыыра буоллар, кини, арааһа, үтүөрүө этэ. Ийэҕин таптал, кыһалҕата суох, чуумпу, сынньалаҥ олох үтүөрдүө этэ…

Ньукуу ол күнтэн ыла, наар Охоноон тылларын туһунан санаан тахсар идэлэммитэ. Умнуон баҕарара да буоллар, ол кини өйүттэн, арааһа, арахсыа суоҕа этэ. Күнү быһа: «Баар буолуохтаах, баар буолуохтаах!» – диэн ботугуруу сылдьара. Ньукуу ол киһини хайаан да булуохтаах, кинини буллаҕына, Сүөкүлэ этэр дьоло-соргута, арааһа, дьэ кэлэрэ буолуо. Ол киһини буллахтарына, кинилэр дьоллоох буолуохтара. Ийэтэ үтүөрүө! Ньукуу көрдүүрэ эрэ буоллар, чахчы булуо этэ. Арай Мохсоҕолу доҕор гынан илдьэ барара буоллар, бэрт да буолуо этэ. Охоноон ытын оҕотун биэриэ дуо? Ыйыппыт киһи, баҕар, биэриэ этэ. Көрдөөбүт киһи, ама, тоҕо булбат буолуой? Киһи охсуллубут окко түспүт иннэ буолбатах эбээт… Кэнэн, кыра Ньукуу ити курдук судургутук саныыра. Эрэй-кыһалҕа туһунан, хайдах-туох сылдьыахтарын туһунан элбэҕи эргитэ санаабат киһи буолан биэртэ.

Кини Охонооҥҥо тугу саныырын барытын этэргэ быһаарыммыта. Киһитэ соһуйбуттуу көрөн кэбиспитэ.

– Хайаан да булуом! Сайыны быһа көрдүөм – булуом! Ньукуу өрүү кыайтарбакка сордуур ыстаанын өрө баһан кэбиһэ-кэбиһэ хаһыытаталаабыта.

Онуоха Охоноон саҥата суох олорбохтоон баран аргыый аҕай эппитэ:

– Чэ, сөп. Баҕар, сөп да буолуо… Оттон арай булума?

– Син биир булуом!

«Син биир булуом… син биир булуом» – ити тылларга бигэтэ-бигэтэ, Ньукуу сымнаҕас хаппыт бугулга, ийэтин көхсүгэр, утуйан, мунна сурдурҕаан барбыта.

VI

Ат дугатын курдук маадьаҕар атахтаах, эбиитин өссө доҕолоҥ оҕонньор солооһуну туораан, үрэллэн хаалбыт бугулга чугаһаан испитэ.