– Һэ? – Оҕонньор чарапчылана-чарапчылана олоотообута. – Бэйи эрэ, били бугулум дуомун сүөһүлэр ыһан кэбиспиттэр дуу? Бии тиэйэн, оҥорон баран, ылаары туруорбутум, үрэллибит ээ, быһыыта…
Оҕонньор бугулун аһыйбыт санаатыгар быһар быһаҕаһа суох буолбутун курдук көрбүтэ.
– Бу үлүгэр түҥкэтэх чиэски сиргэ хайа дойду сүөһүлэрэ мэнээктээтэхтэрэй? Лааппылаах Сабыстай эмээхсин киэннэрэ ини. Кини обургу…
Оҕонньор ити курдук бэйэтэ бэйэтин кытары кэпсэтэ-кэпсэтэ бугулугар содьороҥноон тиийэн кэлбитэ.
Бугулу дьөлө хаһан дьон утуйа сыталларын көрөн, оҕонньор өмүрэн, чохчороҥнуу түспүтэ…
– Атын күтүр!.. Бабат!.. Дьон эбит дуу? Хайа кэрэдэхтэр буоллахтарай?.. Умнаһыттар быһыылаах, – оҕонньор мадьайа-мадьайа оҥостон туран, бугулу тайаҕынан анньыалаамахтаабыта.
Ньукуу соһуйан олоро түспүтэ. Суоһурҕаммыт көрүҥнээх билбэт оҕонньоро тайаҕынан дугдуруйа турарын көрөөт, куттанан тугу да гыныан билбэккэ, умса көрөн кэбиспитэ.
– Нохоо, бугулу тоҕо тэбистиҥ? – диэбитэ оҕонньор. – Ким оҕотоҕун, хантан сылдьаҕын?
Ити икки ардыгар Ырыачай эмиэ уһукта охсубута.
– Хайдах-хайдах баҕайыный… хайдах-хайдах баҕайыный… – кини билбэт киһитин тонолуппакка одуулаһа олорбута. Киһи эрэ дьик гына түһүөх, иччитэ суох улахан харахтар чыпчылыйан да ылбакка эрэ, тонолуппакка одуулаһалларыттан оҕонньор кэннинэн тэйэн ылбыта. Ньукуу диэки көрбөхтөөбүтэ.
– Хантан сылдьаҕыт? Ким оҕотоҕун? Ити – кимий?
– Ийэм…
– Ийэм диигин дуу? Ити тоҕо муокас баҕайытык одуулуур?..
– Ээ, бэйэтэ.
– Ханналаан иһэҕит?
– Ээ, таах…
– Таах даа? Ол аата хайдах? Киһи мээнэ хайдах таах сылдьыай?
– Бу суол ханна тиэрдэрий?
– Ханналаары гынаҕыт? – оҕонньор Ырыачай диэки куттаммыттыы көрүтэлээн ылбыта.
– Ээ, таах ыйытабын. Ханна тиэрдэрэ буолла?
Ырыачай туран эрэрин көрөн, оҕонньор чугурус гыммыта уонна эҕэлээхтик эппитэ:
– Ээ дьэ, тиэрдиэ-тиэрдиэ… Барыҥ!
– Ханна тиэрдэр?
– Туһааннаах сиргитигэр тиэрдиэ буоллаҕа дии, оттон бу мин солооһунум, мин бугулум. Сөбүн… – Оҕонньор сүрдээх нарын, ол эрээри олус дьиибэ дьахтар кинини өссө да одуулаан турарын көрөн мух-мах барбыта, түҥнэри хайыспыта.
Муокас дьон тэйэн эрэллэрин көрөн, оҕонньор тайаҕынан бугулун чөмөхтүү-чөмөхтүү киҥинэйбитэ:
– Өссө ыттаахтар баҕастаахтар… Уоруйахтар дуу, умнаһыттар дуу? Ити дьахтар удаҕан быһыылаах, көрөрө-истэрэ дьиибэ. Барыҥ, барыҥ, Сабыстай эмээхсин обургу ытарчалаан ыллар үчүгэй этэ.
Ырыачай икки чэчэгэйин илиитинэн саба туттан баран, Ньукуу кэнниттэн испитэ.
Сөп-сөп:
– Хайдах-хайдах баҕайыный… хайдах-хайдах баҕайыный… – диирэ кини. – Төбөм иһигэр туох эрэ хаамар курдук. Ньуку-у?
Суолга турбуттара үс хонно, ол тухары ийэтэ кинини аатын аан маҥнай өйдөөн ыҥырдаҕа. Ньукуу үөрэн, уостара ыттайаат, эргиллэ түспүтэ:
– Тугуй, ийээ?
– Хайдах-хайдах баҕайыный… бээ эрэ, Сүөкүлэлээх эҥин ханналарый?
– Сүөкүлэлээх суохтар, эн билбэккин, суох-тар, суох-тар, – Ньукуу тугу эрэ кистээбит оҕолуу, ханна баалларын билэбин да этиэм суоҕа, адьас этиэм суоҕа диэбиттии көрбүтэ-истибитэ уонна сис туттан баран дьиэрэҥкэйдии испитэ. – Биһи ханна баран иһэрбитин эппэппин. Ээ, чэ, этиим даҕаны, Охонооҥҥо баран иһэбит.
– Ээ, Охонооҥҥо, Охонооҥҥо… сөп-сөп, оттон дьиэбитигэр хаһан?… Сүөкүлэ күүттэ буолуо. Миитэрэй… тойоммут мөҥүө.
– Мөхтүн да хайаатын. Аҥар Хараҕы мин… Сүөкүлэҕэ биһи кэнники барыахпыт сөп дуо?
Ырыачай улгумнук төбөтүн кэҕиҥнэппитэ, онтон сотору буолан баран эмиэ атыны тыллаһан барбыта:
– Уу… кыһыл да ынахтар… аата кыһылларын. Уот курдук кытыасталлар, төлөн курдук тэлээрэллэр. Үчүгэй да баҕайы! Ыллаабыт киһи…
Мохсоҕол хантан эрэ сүүрэн эккэлээн кэлбитэ, эмиэ инники түһэ охсубута, ууга сылдьыбыт быһыылааҕа – сахсаҕар түүтэ сытыйбыт этэ, атахтара бадараан буолбуттар.
Ньукуу сибилигин көрсүбүт, суоһурҕаммыт оҕонньору өйдөөт, ханналаан иһэрбитин хантан биллэҕэй диэн муодарҕыы испитэ. «Тиэрдиэ буоллаҕа дии диир, туһааннаах сиргитигэр тиэрдиэ диир. Хантан билбитэ буолуой? Биһи ханна баран иһэрбитин, ама, билэрэ буолуо дуо? Билэр буолан этэр ини. Оччоҕо сотору тиийэрбит буолуо! Төһө хаалла буолуой? Чугас ини. Адьас чугаһаатыбыт. Көрдөөбүппүт төрдүс эрэ күммүт уонна була охсобут! Бэрт да буолуо этэ. Бүгүн киниэхэ тиийдэххэ сатанар, лэппиэскэбит бүттэ, тооромос да суох. Кини, арааһа, эмиэ билэн, күүтэрэ буолуо…»
Ньукуу ити санаатыттан сэк гына түспүтэ. Кыайбыт-хоппут киһи киэбинэн, эргим-ургум көрүммүтэ итиэннэ киэҥ-киэҥник хардыылаталаабыта.