Арыт кыра хонууга таһаара охсор, арыт тыаҕа киллэрэн кэбиһэр, арыт төгүрүк, харах курдук харааран оҥойо сытар дүөдэни тула эргийэр, онтон эмиэ тыаҕа түһэрэр кыараҕас ыллык суол ханна тиэрдэрин эппэккэ эрэ, айанньыттары батыһыннаран илдьэ бара турбута. Сүтэ-сүтэ көстөн кэлэн, быста-быста салҕанан, ол онон ымсыырдан, сиэтэн илдьэ бара турбута.
Айыы сирин айдааннаах олоҕун адьаһын умнубут, хаһыын эмэ быстах-остох өйдөтөлөөн кэлэр, онтон эмиэ умнан кэбиһэр Ырыачай эҥээркэй куолаһа арыт намтаан, арыт үрдээн, арыт иһиллэн кэлэр, арыт сүтэн хаалар:
Сабыстай эмээхсин бүгүн сайыҥҥы күн күөрэйээтин кытары уһуктубута. Уһуктаат, хаһыытаан бытарыппыта:
– Хотуой, Алтан сирэй! Нохоо, Хара уол!..
Кини хаһыытыгар ким да хардарбатыттан эмээхсин кыйаханан, омунугар бэйэтин баттаҕын тардыалаамахтаабыта… уонна суон, көнтөрүк атахтарынан балаҕанын эркинин тэбиэлээн либиргэппитэ:
– Хотуой, Алтан сирэй!.. Нохоо, Хара уол!..
Кини иккис хаһыыта сатараабыт дорҕооно ситэ сүтэ илигинэ, тэбиэлээн битиргэппит эркинэ ибигирээбитэ ситэ ааһа илигинэ, умса түһэ сыһа-сыһа, «хотуой» диэн ыҥырыллыбыт саас ортолоох хатыҥыр дьахтар уонна модьу-таҕа, эдэр киппэ уол сырсан кэлбиттэрэ.
– Хотуой, Алтан сирэй! Нохоо, Хара уол! Ханна түһэн хаалаҕыт? Тоҕо киһи саҥатын истибэккит?! Туруоруҥ! Абытай, аата бустахпын… – эмээхсин үллэҕэр куобах суорҕанын илгэн кэбиспитэ.
Көнтөрүк, ынырык суон, бугул саҕа эмээхсини дьахтардаах уол бэрт өр чыраахтаһан, төбөтүттэн анньан, иһиттэн өйөөн туруору тардыбыттара.
– Бу уол, киһини ыгыта-хайыта тутан, аата илиитэ кытаанаҕын! Нохоо, аргыый тутуоххун, өһүө үһүбүн дуо? – эмээхсин уолу тоҥолоҕунан түөскэ анньыбыта итиэннэ түөһүллэн, бүтүн бэйэтэ тиэйии от саҕа буолан киэптээн туран, эппитэ: – Хотуой, Алтан сирэй! Нохоо, Хара уол! Сөрүүҥҥэ таһаарыҥ, абытай! Бустум. Эһинним. Өллүм!
Дьахтардаах уол эмээхсини икки хонноҕуттан өйөөн, аргыый аҕай аадаҥнатан таһырдьа таһаарбыттара, балаҕан утары турар булуустаах тымныы ампаарга киллэрэн, уруккуттан бэлэмнэнэн турар, үрүт-үрдүгэр үс бэриинэлээх, бэриинэ аҥардыытын саҕа үс үллүбүт сыттыктаах ороҥҥо сэрэнэн-сэрэнэн сытыарбыттара даҕаны да, эмээхсиннэрэ син биир ордоотообута:
– Хотуой, Алтан сирэй! Нохоо, Хара уол! Олус үөһэ сытыардыгыт, аллара тардыҥ! Арыыйда аллара диибин ээ!
Дьахтардаах уол, көлөһүннэрин сүүстэриттэн туора илгэ-илгэ, эмээхсини икки атаҕыттан аллара тардыбыттара.
– Оо, хара сордоохтор! Аны наһаа тартыгыт буолбат дуо?! Өрө көтөҕүҥ!
Дьоно төбөтүгэр сүүрэн кэлээт, аны хотуннарын икки хонноҕуттан ылан үрдүк сыттыктарга үөһэ тардан чыраахтаспыттара.
– Чэ-чэ, түксү! Маннык сөп. Хотуой, Алтан сирэй, суорҕаны ылан кэбис! Абытай-абытай, туохта эрэ булаҥҥын дэйбиирдээ эрэ!
Алтан сирэй туох эрэ таҥас сытарын сулбу тардан ылаат, аҕылыы сытар эмээхсин үрдүгэр тэлимнэтэн барбыта.
– Абырыа суох, чэ, киэр гын! Бар, аста аҕал! Хотуой, түргэнник сырыт, сүтэн, тимирэн хаалыма. Нохоо, эн эмиэ аҕалыс! Тугу чолойон турдуҥ?
Дьахтардаах уол балаҕаҥҥа төттөрү сүүрэн киирбиттэрэ, ыксал бөҕөнөн уол оҥкучахтан ыаҕайалаах сүөгэйи билгиһитэн таһаарбыта, дьахтар оһох үрдүнээҕи долбууртан икки төгүрүк улахан лэппиэскэни сулбу ойутан ылбыта уонна иккиэн эмиэ ол курдук ыксал бөҕөнөн эмээхсиннэрэ сытар ампаарын диэки тэбиммиттэрэ.
– Хотуой, Алтан сирэй, хайа бу эрэ дуо?! Бэйэҥ мэҥиэстээри кэмчилээтиҥ дуо? Нохоо, Хара уол, кымыста таһаар, суоратта таһаар уонна туох эмэ ыстыы түһэрдэ!
Сабыстай эмээхсин аҕалбыт ыаҕайалаах сүөгэйдэрин, Алтан сирэйгэ кытыйаҕа куттара-куттара, бэрт түргэнник иһэн бордурҕатан кэбиспитэ, өрүһүспүттүү лэппиэскэтиттэн ыстаамахтаабыта итиэннэ эппитэ:
– Утаҕым адьас хаммата. Нохоо, Хара уол, кымыста таһаара оҕус!
Ампаартан уол төбөтө былтас гына түспүтэ итиэннэ ситэ тахсыбакка туран, күлтэҕэр үс атахтаах чороонноох кымыһы Алтан сирэйгэ ууммута. Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр ньимис гынаат, уол өссө тууйастаах арыыны ууммута, мэмэһээҥҥэ суорат ыадалытан таһаарбыта.
– Туох эмэ ыстыы түһэрдэ!.. – дии охсубута эмээхсиннэрэ.
Уол булууска аны ньимис гыммыта, солуурга буспут эти, сыаны, сылгы хаһатын таһаарбыта.
– Эһиэ! – диэбитэ астыммыт эмээхсин.
Аҕалтарбыт уонна таһаартарбыт астарын эмээхсин оронун иннигэр остуолга таттарбыта итиэннэ күрдьүөтээн кэбиспитэ:
– Чэ, киэр буолуҥ! Киһи айаҕын манаан турумаҥ! Хотуой, Алтан сирэй, ынахтары ыан баран кэлээр. Эн, нохоо, уотта отун, солуурга үчүгэй соҕустук эттэ буһар. Хайдах эрэ балык сиэхпин баҕардым ээ, бии собону таһааран хотор. Итиэннэ өссө…