Выбрать главу

Эмээхсин кыратык толкуйдуу түһэн баран, эбэн эппитэ:

– Итиэннэ өссө сүөгэй уутун хааһыта сиэбит киһи бэрт буолуо эбит. Буһар! Сүөгэй уутуттан өссө манна киллэрээр…

Сабыстай эмээхсин сарсыардата ити курдүк саҕаламмыта. Бу түҥкэтэх гынан баран киэҥ-нэлэмэн, ортотугар аатырбыт соболоох күөллээх, сабардаабыт, уйаара-кэйээрэ биллибэт улахан сыһыы илин баһыгар соҕотох кини эрэ күлтэйбит балаҕана, ампаардара, титииктэрэ барыһан тураллара, Сабыстай эмээхсин бу – сайылыга эрэ этэ, оттон кыстыга таҥара дьиэлээх эбэ алааска баара, онно кини таҥара дьиэтин кытары кэккэлэһэ турар лааппылааҕа. Лааппытын уола дьаһайара, кини онно сайылыыра, манна хаһан эмит көстөн эрэ ааһара.

Бу сайылыгар Сабыстай эмээхсин бүөм олороору ити дьахтардаах уолу кытары аҕыйах, аһаан-сиэн эрэр сүөһүнү эрэ илдьэ тахсара. Сүөһүтэ-аһа, баайын улахан аҥаара, атын сиргэ сайылыыра, ол ону эмиэ уола, уолун ойоҕо көрөллөрө-дьаһайаллара.

Инньэ гынан киэҥ сайылыкка икки хамначчытын кытары Сабыстай эмээхсин соҕотоҕун олороро. Ол да буоллар, бу бүгүҥҥү курдук, хас күн аайы сайыҥҥы күн саҥардыы ойон тахсыаҕыттан киириэр дылы биир кэм:

– Хотуой, Алтан сирэй! Нохоо, Хара уол! – диэн сотору-сотору киэҥ сыһыы уҥуоргутугар тиийэ иһиллэрэ.

– Хотуой, Алтан сирэй, сыттыкпын көбүт!..

– Нохоо, Хара уол, оҥкучахтан туохта эмэ таһаар…

– Хотуой, Алтан сирэй, маны буһар!

– Лэппиэскэтэ оҥор!..

– Сүөгэйдэ иирт!..

– Хотуой, Алтан сирэй! Нохоо, Хара уол! Арыый аллара түһэриҥ!..

– Арыый өрө тардыҥ!..

Күн ортолоон эриитэ аны балаҕаҥҥа көһүү айдаана буолар. Бу – сарсыардааҥҥытааҕар быдан түбүктээх, оннооҕор ордук айдааннаах, хаһыылаах-ыһыылаах, үөхсүүлээх кэм. Бу кэмҥэ эмээхсиннэрэ эбии ыараабыт буолар, оттон иһиттэр бары кураанахтаммыт, өссө саламмыт буолаллар.

Эмээхсин маҥнай Алтан сирэйи дьөлө хаһыытаан ылан тугу гыммытын, тугу буһарбытын туһунан туоһулаһар:

– Хотуой, Алтан сирэй, үүккүн ханна уурдуҥ?

– Балаҕаннааҕы оҥкучахха.

– Булууска, бу манна угуоҥ этэ. Ол оҥкучах ирдэ ини.

– Суох, үчүгэй ээ…

– Хотуой, өссө этиһэ тураҕын дуо? Кэл эрэ, манна кэлэн чообурҕаа! Бии быччаҕарга этэн көһөртөр. Эн, ыл, олор, манна, туохта эмэ сэһэргээ эрэ.

Дьахтар, охсуо диэн куттаммыттыы, кырыытынан хааман тиийэр уонна тэйиччи соҕус олорунар. Ити кэпсэтии тугунан бүтүөн кини эрдэттэн билэр, ол иһин буруйу оҥорбут оҕотооҕор да ордук мух-мах барааччы.

– Хотуой, ыл, чэ, сэһэргээ эрэ.

– Тугу?

– Туох да буоллун. Сэргэхситэр соҕус сонунна…

– Суох ээ.

– Туох-туох?! – эмээхсин титирэстии түспүтэ. – Эмиэ суох дуо?!

– С-суох.

– Уу, сааһын тухары «суох» буолан биэрэр ээ! – эмээхсин дьахтары сырбатаары илиитин өндөппүтэ да, дьахтар кини илиитэ тиийбэт тэйиччи сиригэр олорбутун көрөн, күөрэппит илиитэ салгыҥҥа ыйаастан, тохтоон хаалбыта. – Ньимийэ сытыйаҥҥын, биирдэ эмэ ону-маны кэпсээн, үөртэҕэ, күллэрдэҕэ дуу… Билбитэ эрэ – «суох».

– Ынахтарбын үүрдүм уонна… уонна… – дьахтар мух-мах бара-бара саҥарбыта. Уончалааҕыттан ыла быһа бииргэ олорон, куттана үөрэнэн хаалбыт хотунун диэки кини дьулайбыттыы көрөн кэбиспитэ.

– Билбитиҥ эрэ – ынахтарыҥ, торбосторуҥ. Ол аата кэпсээн үһү дуо, ээ? Сааһыҥ тухары ону эрэ дойҕохтуугун. Атыны, атыны кэпсээ ээ. Киһи үөрүөн-көтүөн, киһи күлүөн, тугу эмэ…

– Оннугу билбэппин ээ… – дьахтар эбии мух-мах барбыта, титирэстии олорбута.

– Өрүү билбэт буолан биэрэҕин! Үүрүөм, кырдьар сааскар атах-балай ыытыам! Бар, киэр буол! Били быччаҕары ыҥыр! Көһөрүҥ! Манна аны тымныы буолан барда.

Сотору буолаат, дьахтар били модьу-таҕа уолу ыҥыран киллэрбитэ. Кинилэр түөһүллэн аҕай сытар, иһин уйбат буолбут хотуннарын туруору тардаары эмиэ көхсүттэн анньан, санныттан тардан, атахтарынан сири буллара сатаан, түбүгүрэн барбыттара. Үһүөн көлөһүн-балаһын бөҕө буолан, ампаар аанын атыллаан эрдэхтэринэ, аны Хара уол алҕас хотунун атаҕын быһа үктээн, эмээхсин өлөр хаһыытын хаһыытыы түспүтэ:

– Бу быччаҕар, бу чолоҕор сиэтэ-сиэтэ!.. Ол иһин мааҕын сарсыардаттан ыла быһа илиитэ-атаҕа сытыырхайбыта сүр этэ. Нохоо, Хара уол! Хараххын ханна гынан баран сылдьаҕын?

– Ээ, мутукка тэптэрбитим, – эдэр уол кулук-халык гынан кэбиспитэ.

– Көр эрэ, бу быччаҕар бэлэһин! Бу албынын-түөкэйин! Мин көрбөт үһүбүн дуо, нохоо?

Ити айдаан туохха тиэрдиэ эбитэ буолла, эмискэ, балаҕан ааныгар чугаһаан эрдэхтэринэ, чугас ханна эрэ кыыс дуу, дьахтар дуу ыллыыр эҥээркэй куолаһа иһиллибитэ: