Выбрать главу

– Тохтоо! Тохтоо! – диэн аттанаары гынан эрдэхтэринэ, Сабыстай тугун эрэ умнубуттуу үөгүлүү түспүтэ. – Тохтоо, быччаҕар! Хотуой, Алтан сирэй, суолга, арааһа, аҕыйах аһы тиэнним ээ.

Күн аҥаарыттан эрэ ордук кэмҥэ айанныахтаах сиригэр Сабыстай биир орто киһи хас эмэ хонукка сиир аһын тиэйтэрбитэ.

– Чэ, бардыбыт! – дьэ уоскуйан, кини кэмниэ-кэнэҕэс хамначчыттарыгар хаһыытаабыта. – Сэрэн, нохоо, онон-манан быччалдьытан көр эрэ, сэрэнэн көрөн салай! Көнөттөн көнөтүн көрөҥҥүн…

Кэннилэриттэн күөх окко сыарҕа барбыт суола сурааланан хаалбыта.

Кинилэр Аҥар Харах кинээс сайылыгар киэһэлик тиийэн кэлбиттэрэ.

Ньукуу Аҥар Харах улахан дьэндэйбит дьиэтин ыраахтан көрбүтэ. Чугас соҕус бэркэ диэн билэр балаҕана хампарыйан турара. Ити – хамначчыттар балаҕаннара. Онно – Сүөкүлэ баар. Бу айылаах буолан кэлбиттэрин көрдөҕүнэ, кини туох эрэ диир? Чэ, Ньукуу син биир ийэтин илдьэ эмиэ күрүүрэ буолуо ээ!

Чугас да сири тэйэн баран, ырааппыт курдук санана сылдьыбыт эбит. Күн аҥаара айаннаан кэллилэр. Оттон кини ийэтинээн сайыны быһа кэрийбиттэрэ.

– Ити дьону сүөр, ол балаҕаҥҥа бардыннар, – диэбитэ Сабыстай эмээхсин уонна тойон иһэрин көрөн, сыарҕаттан түһэн, арыычча аадаҥнаан утары барбыта.

Ньукуу байааттаҥныы-байааттаҥныы самнархай балаҕаҥҥа киирээт, оһох кэннинээҕи ороҥҥо сытынан кэбиспитэ. Дьон тугу эрэ ыйыталлара да, кини истибэт этэ. Ким баарын да, суоҕун да кини өйдөөн, көрө-истэ барбатаҕа, арай Сүөкүлэ баарын көрбүтэ, Сүөкүлэ Ырыачайы ороҥҥо сытыара-сытыара тугу эрэ ботугуруура, тылын чаҥырҕатара. Ньукууттан кэлэн, кини тугу эрэ ыйытан эрэрэ да, уол токуруллан баран утуйан хаалбыт этэ.

Ньукуу уһуктубута – балаҕаҥҥа ким да суох эбит. Бары тарҕастахтара: ким оттуу, ким ынах ыы, ким уу баһа… Кини таһырдьа тахсыбыта. Күһүҥҥү тыбыс-тымныы халлаан. Ньукуу саҥата суох туран-туран баран, улахан киһилии дириҥник үөһэ тыыммыта уонна балаҕаҥҥа төттөрү киирбитэ, тугу да гыныан булбатах курдук, маҥнай биир сиргэ, онтон атын сиргэ олортолоон ылбыта, ол эрэ кэнниттэн кини муннук ороҥҥо ийэтэ сытарын өйдөөн көрбүтэ.

Ньукуу ийэтин иннигэр биирдэ баар буола түспүтэ уонна утуйа сытар Ырыачай кубарыйбыт сирэйин одуулуу турбута. Уол сиргэ олорунан кэбиспитэ, ол олорон эмиэ утуйан хаалбыт этэ. Түһээн, эмиэ тииҥи эккирэппитэ. Кып-кыра, хара тииҥ кутуругунан оонньоон, угуйан, эккирэтиннэрэн баран, куотан хаалбыта, сүтэн хаалбыта.

XIII

Сотору буолаат, Ырыачайы, тойоннорун дьаһалынан буолуо, үгүс элбэх саҥата суох, эмиэ урукку дьиэтигэр, оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ, көһөрөн кэбиспиттэрэ.

Эмиэ, син уруккутун курдук, хас сарсыарда аайы, күн саҥа ойон тахсыыта, Ньукуу сииктээх оту тобугар дылы кэһэн, ынахтары көрдүү барара. Кэнниттэн сахсаҕар түүлээх Мохсоҕол батыһан иһэр буолара.

Эмиэ күн аайы дьэндэйбит дьиэ таас түннүктэрин курдат кубарыйа хаппыт дьахтар сирэйэ элэс гынан ааһара. Атынан хайа эрэ диэки бурҕачыта турбут кэргэнин кэтиирэ дуу эбэтэр атыны тугу эрэ күүтэрэ дуу, дьахтар күнтэн күн аайы кубарыйа хатан иһэргэ дылыта. Ону ким билиэ баарай? Арай ханньайан түспүт кыра балаҕаҥҥа киэһэ-сарсыарда дьон тугу эрэ, кистээн, ибир-сибир кэпсэтэллэрэ:

– Ырыачай үчүгэй буолбут курдук үһү ээ.

– Инньэ дииллэр да, ким билэр.

– Кырдьык-кырдьык…

Ньукуу итини истибэт, Ньукууга бары-барыта уруккутун курдук. Арай Сүөкүлэ оронтон турбат. Кини Сүөкүлэни аһынар, үгүстүк аттыгар олорооччу, чэй аҕалан биэрээччи, сыттыгын көбүтээччи.

Сүөкүлэ биирдэ, дьон суоҕар түбэһиннэрэн, уолу салҕалас илиитинэн тардан ылбыта уонна тохтуу-тохтуу эппитэ:

– Өлөрүм кэллэ, тоойуом…

– Суох, өлүөҥ суоҕа.

– Билэбин, тоойуом, билэбин, билээхтии сытабын… ол иһин… этиэхпин баҕарабын, эмиэ да этимиэхпин баҕарабын… ким билэр, хайдаҕа эйиэхэ ордук буолара буолла? Чэ, иһит, хаһан эмэ син билиэҥ! Аны бэйэҥ улахаҥҥын… Ийэҕиҥ таптаа – кини дьоло суох… ким билэр, билигин, баҕар, дьоллооҕо буолуо, – Сүөкүлэ ах бараат, киэр хайыспыта, өр соҕус саҥата суох сыппыта уонна эмиэ аргыый аҕай, тыын ыла-ыла эппитэ:

– Тоойуом… Хайдах этиэх бэйэбиний? Ийэҥ үчүгэй буолуох курдук үһү ээ, хоп курдук өйдөммүт дииллэр…

– Дииллэр даа? – уол тугу да гыныан булбатах курдук Сүөкүлэ илиитин ыгыта туппахтаабыта. – Сарсын бара сылдьыам, эн эмиэ турдаххына, барыаҥ дии.

– Мин аны турар кыаҕым суох. Тоойуом, эн аҕаҥ… ити Миитэрэй, тойоммут ээ… соҕотох оҕотун, ама…

– Хайдах?! Суох… суох! – диэн Ньукуу төбөтүн илгистэ-илгистэ туран кэлбитэ. – Сымыйа!.. Сымыйа-а! – диэн хаһыытаабытынан уол таһырдьа баар буола түспүтэ уонна кыра эрдэҕиттэн бэркэ билэр ыллыгынан, кыра балаҕаҥҥа тиэрдэр ойуур суолунан, тэбиммитэ.