Төрдүс Тоҕус нэһилиэгин, Свердлов аатынан холкуоһун бэрэссэдээтэлэ, эдьиийим Өксөөн кулууп үрдүк сыанатыгар усталыы тардыллыбыт кыһыл сукуна сабыылаах остуол сирэйигэр, хаҥас илиитин сутуруктуу тутан тайанан ыла-ыла, эркиҥҥэ сааллыбыт кыыһар кыһыл былаах анныгар туран, этэр тылын дорҕооно бу бүгүн үүммүт өрөгөйдөөөх Улуу Кыайыы ураты күнүттэн эбии иччилэнэн, уҥа илиитин ытыһын кырыытынан салгыны хайытан даллах гынан хамсата-хамсата, этэн-тыынан сэгэлдьитэ, саҥаран-иҥэрэн саталана турарын көрөммүн, мин кинини өрүү буоларыныы көннөрү Өксөөн диэбэккэ, тоҕо эрэ ис-испиттэн ытыктаан: «Өлөксөөндүрэ Борокуоппайабына…», – диэн ыҥырыахпын баҕаран кэлэбин…
Эргэ эрээри, ыраас сууйуулаах уһун ырбаахытын таһынан кэппит, уолугар сиэптээх сукуй сонун тимэхтэрин төлөрүтэн, сир симэҕэ ойуулаах сиидэс былаатын санныгар түһэрэн, итииргээн субу-субу ытыһын көхсүнэн сүүһүн көлөһүнүн соттуммахтыы-соттуммахтыы, арыт-ардыгар ынах этэрбэһин төбөтүгэр дугуна үктэнэн сэгэйбэхтээн, эр киһилии кэтит саннын дьигис гыннаран уҥа-хаҥас садьыйбахтаан ыла-ыла, мунньахха мустубут бар дьонугар туһаайан өрө күүрүүлээтик өрөйөн-чөрөйөн туран этэр-тыынар. Саҥара-саҥара хас хамсаннаҕын аайы кэтэҕэр ньылҕаарыччы тараааран баран, куйаха кырабыайкатынан хаһыйа анньан туттарбыт кылгас, лэппиэһиннээх будьурхай баттаҕын сорҕото эйэҥэлии хамсыыр:
– Саха ыалын уу чуумпу олоҕун аймаан, өлүү-хаан олбохтоммут, харах уута аргыстаспыт кырыыстаах сэрии бүттэ!.. Бу үүммүт Улуу Кыайыы – мөлүйүөнүнэн киһи олоҕун толук ууран, чэлгийэ симэммит сир ийэ дойдубут барахсан хаһан да урусхалламматаҕын урусхалланан, сөҕүмэр элбэх хоромньуннан ситиһилиннэ… Кыайыы туһа диэн биһиги киэҥ нэлэмэн Сэбиэскэй дойдубут дьоно бүүс-бүтүннүү, атын норуоттардыын биир ньыгыл күүс буолан холбоһон, ол иһигэр, чуолаан, бу биһиги холкуоспут чулуу, ньургун уолаттарын күүһүнэн, бу бүгүҥҥү, умнуллубат, дьоллоох күммүт үүннэ!.. Эһиги, тыылга хаалбыт дьахталлар, оҕолор, кырдьаҕастар – утуйар уугутун да умнан туран сыралаһан үлэлээҥҥит – боруоҥҥа бигэ, модун тирэх, туллубат тулааһын буолаҥҥыт – Кыайыы күнүн чугаһаттыгыт. Ханнык да ыарахан түгэҥҥэ, булгуруйбат санааҕытынан олоххут иннин эрдээхтик солонон холкуостаргытын, ааспыт ыар сыллары нөҥүөлэтэн – бүгүҥҥү өрөгөй күҥҥэ үктэннэрдигит. Тыыннаах хаалар улуу мөккүөргэ – сүгэ-атырдьах, булуук-хотуур тутан үлэлээбит эһиги, судургу, сэмэй дьон олоххут – бу бэйэтэ хорсун быһыы чаҕылхай холобура!.. Ааспыт уустук сылларга, бүттүүн дойду олоҕо огдолуйа айгыраабыт кэмигэр, саха киһитин сайдам, сайаҕас санаатын самнарбакка, урааҥхай оҕотун уйаҕас уйулҕатын кэҕиннэрбэккэ тыыннаах хаалан, кэнчээри ыччаппыт кэлэр кэскилин туһугар үтүө, эйэлээх олоҕу тутуспуппут – биһиги туохха да тэҥнэммэт улуу дьолбут!.. Сэрии толоонугар сырдык тыыннарын толук ууран, кыайыыны уһанса сылдьан охтубут хорсун-хоодуот дьоннорбутун кэриэстээн, кинилэр үтүө ааттарыгар сүгүрүйэн туран, күүспүтүн холбоон, уруккуну умнубакка, хаалбаты хомнообокко – көҥүл олох муҥутуу сайдарын туһугар өссө күүскэ үлэлиэххэйиҥ!.. Үлэлиэххэйиҥ – олох кыһарҕаныттан, хоргуйан тыылга тыыннара быстыбыттар сырдык өйдөбүллэрин туһугар… Ытык дьоммут ыра санаа оҥостон дьулуспут олохторо халтайга хаалбатаҕын туоһулаан!.. Бүгүн, кинилэр дьулуспут улуу өрөгөй күннэрэ үүннэ, саҥа, эйэлээх олох саҥа саҕаҕа көһүннэ!.. Өрөйүҥ-чөрөйүҥ доҕоттор!.. Сотору, тыыннаах хаалбыттарбыт эргиллиэхтэрэ. Аны сэрии туһа диэбэккэ, аҥаардас үлэни эрэ өрө тутан олох олоруу үйэтэ үүнүө, бу күнтэн саҕалаан үүннэ даҕаны диэтэххэ, арааһата, туох да сыыһата, алҕаһа суоҕа буолуо. Төһө да аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт кырыыстаах сэрии бүттэр, олохпут биир күнүнэн, биир сылынан тосту-туора эмискэ көнөн барыа суоҕа. Сэрии алдьаппыта-кээһэппитэ, үтүмэн үгүһү урусхаллаабыта, ый-күн ыһыаҕа оҥорбута элбэҕэ, үгүһэ бэрт… Уонунан сылларга тутуллубуту – күнүнэн, түгэнинэн туора сотуу…
Маҥнай, сэрии иннинээҕи сайдан испит олохпутун чөлүгэр түһэриэхтээхпит, онтон дьэ салгыы өссө үтүө, дэлэгэй олоҕу бары куолаан, сомоҕо ньыгыл күүһүнэн, биир өйүнэн-санаанан сиэттэрэн тутуохтаахпыт… Хайҕаллаах хара үлэһит – кимнээҕэр, туохтааҕар да өрө тутуллар, инники күөҥҥэ сылдьар кэрэ үйэтэ үүнүө, үүннэ!.. Ол аата биһиги… эһиги, кэлэр кэнчээри ыччаттарбыт – саҥа, сонун, эйэлээх… урут сайдан испит олохпут саҕанааҕытааҕар өссө ордук үтүө олоҕу олороллорун туһугар – өссө ордук өрө күүрүүлээхтик үлэлиэххэйиҥ!.. Ол кэлэр саҥа олох бигэ оҥкулун тутуутун сэргэхтик, сонуннук саҕалыаххайыҥ!..