Омуктар Иисус Христоһу көрдүүллэр
20 Бырааһынньыкка Таҥараҕа үҥэ кэлбит дьонтон сорохторо атын омуктар этилэр. 21 Кинилэр Галилея Вифсаидатыттан сылдьар Филипкэ тиийэн: «Тойон, биһиги Иисуһу көрүөхпүтүн баҕарабыт», – диэн көрдөспүттэрэ. 22 Филипп баран ол туһунан Андрейга тиэрдибитэ; оттон Андрейдаах Филипп бэйэлэрэ Иисуска эппиттэрэ.
«23 Киһи Уола килбиэнин көрдөрөр кэмэ кэллэ, – диэбитэ Иисус кинилэргэ. – 24 Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: сэлиэһинэй туораҕа буорга түһэн баран өлбөтөҕүнэ, соҕотоҕун хаалар; оттон өллөҕүнэ, элбэх аһы биэрэр. 25 Олоҕун таптыыр киһи олоҕун сүтэриэҕэ, оттон бу дойдутааҕы олоҕун абааһы көрөр киһи олоҕун бараммат олоххо анаан быыһыаҕа. 26 Ким Миэхэ сулууспалыыр, ол Миигин батыстын; Мин ханна баарбын да, кини эмиэ онно буолуоҕа; Миэхэ сулууспалыыр киһини Мин Аҕам үрдүктүк тутуоҕа».
Иисус Христос өлөрүн эрдэттэн этэр
«27 Билигин дууһам долгуйда. Тугу этиэмий? „Аҕаа! Бу чаастан Миигин быыһаан ыл!“ диэм дуо? Бу чаас туһугар Мин кэлбитим эбээт. 28 Аҕаа! Бэйэҥ ааккын албан аатырт».
Маны эппитигэр халлаантан: «Албан аатыртым, өссө даҕаны албан аатырдыам!» – диир саҥа иһиллибитэ.
29 Онно турар дьон ити саҥаны истэн, этиҥ эттэ дэспиттэрэ, сорохторо Аанньал Кинини кытта кэпсэттэ диэн быһаарбыттара.
30 Бу эппиттэригэр хоруйдаан Иисус: «Бу саҥа Мин туспар буолбатах, норуот туһугар иһилиннэ, – диэбитэ. – 31 Аан дойду дьүүллэнэр кэмэ кэллэ, билигин бу аан дойду баһылыга киэр үүрүллүөҕэ. 32 Онтон Миигин сиртэн үөһэ таһаардахтарына, Мин барыларын Бэйэбэр тардыаҕым».
33 Итини Иисус хайдах өлүөхтээҕин өйдөтөн эппитэ.
34 «Христос үйэлэр тухары баар буоларын Сокуонтан билэбит, – диэбитэ норуот, – оччоҕо Киһи Уола үөһэ таһаарыллыахтаах диэн Эн хайдах этэҕиний? Киһи Уола кимий?»
35 Иисус эппитэ: «Сырдык эһиэхэ баар буола сылдьар кэмэ кылгаата. Эһиги, хараҥаҕа былдьаппат туһугар, сырдыкка сылдьыҥ; хараҥаҕа сылдьар киһи ханна баран иһэрин билбэт. 36 Сырдык эһиэхэ баарына, сырдыкка итэҕэйиҥ, оччоҕуна сырдык уолаттара буолуоххут». Маны этэн баран, Иисус баран хаалбыта. Кини ханна барбытын ким да билбэтэҕэ.
Иудейдар итэҕэйбэттэр
37 Итиччэ элбэх дьиктини оҥорбутун үрдүнэн, кинилэр Иисуһу итэҕэйбэт этилэр. 38 Онон Исайя пророк: «Айыы Тойон! Биһигиттэн истибитин ким итэҕэйдэ? Айыы Тойон күүһүн ким көрдө?» – диэн эппитэ туолбута. 39 Кинилэр итэҕэйэр кыахтара суоҕа, тоҕо диэтэххэ, Исайя өссө маннык эппитэ: 40 «Кини харахтарын көрбөт гыммыт, сүрэхтэрин тааһырпыт, онон харахтарынан да көрбөттөр, сүрэхтэринэн да өйдөөбөттөр; оннук буолбатаҕа эбитэ буоллар – Миэхэ эргиллиэ этилэр, оччоҕо Мин кинилэри үтүөрдүөм этэ».
41 Иисус кэрэмэн килбиэнин көрбүт буолан, Исайя Кини туһунан итинник эппитэ.
42 Тойоттортон бэрт элбэх киһи Иисуһу итэҕэйбитэ эрээри, фарисейдартан куттанан, синагогаттан араарыллымаары, итэҕэйэллэрин биллэрбэттэр этэ. 43 Кинилэр Таҥара хайҕалынааҕар дьон хайҕалын ордорбуттара.
Иисус Христос эппит тыла дьону дьүүллүөҕэ
44 Иисус, бары истэллэрин курдук, доргуччу эппитэ: «Ким Миигин итэҕэйэр, ол Миигин буолбатах, Миигин Ыыппыты итэҕэйэр. 45 Ким Миигин көрөр, ол Миигин Ыыппыты көрөр. 46 Биир да Миигин итэҕэйэр киһи хараҥаҕа хаалбатын туһугар, Мин, сырдык, бу аан дойдуга кэлбитим. 47 Оттон ким эмэ Мин этэр тылбын истэн баран, итэҕэйбэт буоллаҕына, кинини дьүүллээбэппин: Мин бу дойдуну, дьүүллүү буолбакка, быыһыы кэлбитим. 48 Миигин киэр анньар, Мин тылбын ылыммат киһи бэйэтэ дьүүллээччилээх: Мин эппит тылым кинини тиһэх күҥҥэ дьүүллүөҕэ. 49 Тоҕо диэтэххэ, Мин тугу да Бэйэм көҥүлбүнэн эппэтэҕим – Миигин Ыыппыт Аҕам тугу хайдах эт диэбитин эппитим. 50 Кини кэриэһэ бараммат олоххо тиэрдэрин Мин билэбин, онон, Аҕам Миэхэ эппитин курдук, этэбин».