Выбрать главу

Иисус Христос Ийэтэ уонна бырааттара

31 Иисус Ийэтэ уонна бырааттара кэлэн, таһырдьа туран эрэ, Кинини ыҥыртарбыттара. 32 Кинини дьон тулалаан олордоҕуна: «Таһырдьа Ийэҥ уонна бырааттарыҥ-балыстарыҥ тураллар, Эйигин ыйыталлар», – диэбиттэрэ.

«33 Кимнээҕий – Мин Ийэм уонна бырааттарым? – диэбитэ Иисус, уонна 34 тула олорор дьону эргиччи көрбүтэ: – Бу бааллар – Мин Ийэм уонна Мин бырааттарым. 35 Ким Таҥара көҥүлүн толорор, ол Мин быраатым, балтым уонна Ийэм буолар».

4

Бурдук ыһааччы туһунан домох

1 Онтон эмиэ муора кытылыгар киирэн үөрэтэн барбыта; тулатыгар көй үгүс киһи үтүрүспүтүн иһин, ууга турар оҥочоҕо киирэн олорбута; мустубут дьон бары Кинини сиргэ, муора кытылыгар, туран истибиттэрэ. 2 Кини домохторунан бэрт элбэҕи үөрэппитэ; бу үөрэтэригэр эппитэ: «3 Истиҥ: бурдук ыһааччы бурдугун ыһа тахсыбыт. 4 Ыһа сырыттаҕына, ыспыт сиэмэтиттэн сорҕото суол кытыытыгар түспүт, ону көтөрдөр көтөн кэлэн, тоҥсуйан сиэн кэбиспиттэр. 5 Сороҕо чычаас буорга, таастаах сиргэ, түһэн буора чараас буолан, сотору быган тахсыбыт; 6 күн уота сырайбытыгар үүммүт үүнүү дириҥник силис тарпатах буолан, хатан хаалбыт. 7 Сорох сиэмэтэ хатыылаах эрбэһин быыһыгар түбэспит, онон хатыылаах эрбэһин саба үүнэн, бу сиэмэ астамматах. 8 Оттон сорох сиэмэ, өҥ сиргэ түһэн, ас кутан элбээн тахсыбыт: сороҕо отут, сороҕо алта уон, сороҕо сүүс төгүл үрдүк үүнүүнү биэрбит».

9 Кини бу домоҕун түмүктээн эппитэ: «Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!»

Домох суолтата

10 Соҕотоҕун хаалбытыгар аргыстара Уон Иккиэлэрдиин Кинини төгүрүйэн туран, бу домох суолтатын ыйыппыттара.

«11 Эһиэхэ Таҥара Саарыстыбатын кистэлэҥнэрин билэр кыах бэриллибитэ, – диэбитэ Кини, – оттон ити таһынааҕыларга барыта домоҕунан бэриллэр; онон кинилэр 12 харахтарынан көрөр эрээри – көрбөттөр, кулгаахтарынан истэр эрээри – өйдөөбөттөр; оттон Таҥараҕа эргиллэллэрэ эбитэ буоллар, аньыылара бырастыы буолуо этэ».

Бурдук ыһааччы туһунан домох быһаарыыта

«13 Бу домоҕу өйдөөбөккүт дуо? – диэбитэ Иисус. – Дьэ уонна кэлэн атын домохтору хайдах өйдүөххүтүй? 14 Бурдук ыһааччы Таҥара тылын ыһар. 15 Суол кытыытыгар ыһыллыбыт сиэмэ – ыһыллыбыт тылы истибит дьон, ол гынан баран, истээттэрин кытта, сатана тиийэн кэлэн кинилэр сүрэхтэригэр ыһыллыбыт тылы уоран илдьэ барар. 16-17 Оттон таастаах сиргэ ыһыллыбыт сиэмэ – эмиэ тылы иһиттэллэр эрэ, тута үөрүүнү кытта ылынар эрээри, дириҥ силиһэ суох буолан өр тулуспат дьону сирэйдээн көрдөрөр: кэлин, кутурҕан кэмэ кэллэҕинэ, эбэтэр тыл туһуттан сойуолааһын саҕаланнаҕына, кинилэр итэҕэллэрин сонно сүтэрэн кэбиһэллэр. 18 Оттон хатыылаах эрбэһин быыһыгар ыһыллыбыт сиэмэ – тылы истэр дьону көрдөрөр, 19 ол эрээри кинилэр сүрэхтэригэр олох сүпсүлгэнэ, баайга-дуолга умсугуйуу уонна да атын баҕа санаа киирэн, тылы саба баттаан кэбиһэр, инньэ гынан истибит тыллара туһата суох хаалар. 20 Оттон өҥ буорга ыһыллыбыт сиэмэ – истибит тылларын ылынар дьон; кинилэр отут, алта уон, сүүс оччонон үрдүк үүнүүнү биэрэллэр».