13 Иисус үөрэнээччилэриттэн икки киһини маннык этэн ыыппыта: «Куоракка барыҥ, онно купсууҥҥа уу баһан иһэр киһини көрсүөххүт; кинини батыһан, 14 ханна киирэр да, онно киирсэн дьиэлээх хаһаайыҥҥа „Үөрэтээччи үөрэнээччилэрин кытта Паасха аһын аһыыр хоһо ханнатын ыйыттарар“ диэриҥ. 15 Оччоҕо кини эһиэхэ бырааһынньыкка анаан тэриллибит үөһэ баар киэҥ-куоҥ хоһу көрдөрүөҕэ. Биһиэхэ онно бэлэмнээриҥ».
16 Үөрэнээччилэрэ суолга туруммуттара; куоракка кэлэн, Кини эппитин булан, паасханы бэлэмнээбиттэрэ.
«Эһигиттэн биирдэскит Миигин таҥнарыаҕа»
17 Киэһэ буолбутугар Кини Уон Иккиэлэрин кытта тиийэн кэлбитэ. 18 Өттүгэстээн сытан аһаан эрдэхтэринэ, Иисус эппитэ: «Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: эһигиттэн биирдэскит, Миигин кытта бииргэ аһыы олорооччу, Миигин таҥнарыаҕа».
19 Кинилэр, онтон курутуйан, биир-биир Киниэхэ: «Ол ама мин буолуом дуо?» – дэһиспиттэрэ.
«20 Миигин кытта биир иһиттэн умньаан сии олорор киһи, Уон Иккиэлэртэн биирдэскит, – диэбитэ Иисус. – 21 Киһи Уола, Кини туһунан суруллубутун курдук, баран иһэр, ол эрээри сор-муҥ күүтэр Киһи Уолун таҥнарааччыны: кини олох да төрөөбөтөҕө буоллар, ордук буолуо этэ».
Айыы Тойон Аһылыга
22 Аһыы олордохторуна, Иисус килиэби ылан алҕаан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ итиэннэ: «Ылан сиэҥ, бу Мин Этим-сииним», – диэбитэ.
23 Онтон иһити ылан, Таҥараҕа махтанан баран, кинилэргэ биэрбитэ, бары ол иһиттэн испиттэрэ.
24 Иисус эппитэ: «Бу – бар дьон туһугар тохтор, Саҥа Кэс Тылы бигэргэтэр Мин Хааным. 25 Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Таҥара Саарыстыбатыгар саҥа арыгыны иһиэхпэр диэри, Мин аны бу арыгыттан – виноград отонуттан – испэппин».
26 Айхал ырыаларын ыллаан баран, кинилэр Елеон хайатыгар тахсыбыттара.
Петр мэлдьэһиэхтээҕин өтө көрүү
«27 Эһиги бары бу түүн Миигиттэн тэйиэххит, – диэбитэ Иисус. – Барыта „Маныыһыты сууһардахпына, барааннар үрүө-тараа барыахтара“ диэн суруллубутун курдук буолуоҕа. 28 Онтон, тиллэн баран, Мин эһигини Галилеяҕа көһүтүөҕүм».
29 Петр Киниэхэ: «Бары да Эйигиттэн тэйбиттэрин иһин, мин тэйиэм суоҕа», – диэбитэ.
30 «Кырдьыгы эйиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – бу түүн, бөтүүк иккитэ хаһыытыан иннинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ».
31 Петр буоллаҕына өссө ордук итийэн-кутуйан туран эппитэ: «Эйигин кытта өлүөм да иһин, мин Эйигиттэн аккаастаныам суоҕа». Үөрэнээччилэр бары эмиэ ити курдук эппиттэрэ.
Гефсимания
32 Гефсимания диэн ааттанар дэриэбинэҕэ кэлбиттэрэ. Иисус үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Мин баран үҥэн кэлиэхпэр диэри, эһиги манна олоро түһүҥ». 33 Итиэннэ Петры, Иаковы уонна Иоанны илдьэ баран, ис-иһиттэн аймаһыйан, туоххаһыйан барбыта. 34 «Дууһам өлөр кутурҕаҥҥа ылларда; эһиги манна олоро түһүҥ, утуйумаҥ», – диэбитэ.
35 Итиэннэ иннин диэки бара түһээт, сиргэ умса түһэн, бу чаас, сатанар буоллаҕына, Кинини тумнан ааһарыгар көрдөһөн үҥпүтэ. 36 «Авва, Аҕаа! – диэбитэ. – Эйиэхэ туох барыта кыаллар. Бу эрэй-буруй иһитин Миигин тумуннар. Ол эрээри Мин көҥүлбүнэн буолбатын, Эн көҥүлгүнэн буоллун».
37 Онтон төннөн кэлэн көрбүтэ, үөрэнээччилэрэ утуйа сыталлара. «Симон, утуйа сытаҕын дуу? – диэбитэ Кини Петрга. – Эн биир чаас сэргэх сылдьа түһэриҥ кыаллыбата дуо? 38 Утуйумаҥ, тургутууну тулуйар туһугар, үҥүҥ. Тыын сэргэх, эт-хаан мөлтөх». 39 Итиэннэ эмиэ тэйэ баран, били эппитин хатылаан үҥпүтэ. 40 Төннөн кэлэн көрбүтэ, үөрэнээччилэрэ, халтаһалара ыараан хаалан, эмиэ утуйа сыталлара, онон Киниэхэ туох да диэн хардарыахтарын билбэтэхтэрэ.