Выбрать главу

41 Кини «Мин Халлаантан түспүт килиэппин» диэбититтэн кыйаханан, иудейдар бэйэлэрин ыккардыларыгар мөҥүттэн барбыттара: 42 «Бу Иосиф уола Иисус буолбатах этэ дуо, аҕатын да, Ийэтин да биһиги билэбит буолбаат? Уонна баран хайдах „Мин Халлаантан түспүтүм“ диирий?»

«43 Мөҥүттүмэҥ, – диэбитэ Иисус, – 44 Миигин ыыппыт Аҕам ыҥырбатах буоллаҕына, Миэхэ ким да кэлэр кыаҕа суох; Миэхэ кэлбит киһини Мин тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим. 45 Пророктар кинигэлэригэр „Барыларын Таҥара үөрэтиэҕэ“ диэн суруллубута, онон Аҕам этэрин истэн үөрэммит киһи барыта Миэхэ кэлэр. 46 Ол аата ким эрэ Аҕаны көрбүт диэн буолбатах, Таҥараттан Кэлбиттэн ураты атын ким даҕаны Аҕаны көрбөтөҕө – Кини эрэ көрбүтэ. 47 Дьиҥ кырдьыгы этэбин эһиэхэ: ким Миигин итэҕэйэр[214], ол бараммат олохтоох. 48 Мин олох килиэбинэбин. 49 Эһиги өбүгэлэргит иччитэх сиргэ сылдьан мааннаны сиэбиттэрэ гынан баран, син биир өлбүттэрэ; 50 оттон бу Халлаантан түһэр килиэп оннук буолбатах: бу килиэби сиир киһи өлүө суоҕа. 51 Мин Халлаантан түспүт тыыннаах килиэппин: ким бу килиэби сиир, ол үйэлэр тухары олоруоҕа; Мин биэрэр килиэбим – Мин аан дойду олоҕун туһугар толук биэрэр Бэйэм Этим-сииним».

52 Онуоха иудейдар икки ардыларыгар мөккүөр саҕаламмыта. «Бэйэтин Этин ол биһиэхэ хайдах сиэтэрий?» – диэн кинилэр абарбыттара.

53 Иисус кинилэргэ эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: эһиги Киһи Уолун Этин сиэбэт, Кини Хаанын испэт буоллаххытына, искитигэр бараммат олохтонуоххут суоҕа. 54 Мин Эппин сиир, Мин Хааммын иһэр киһи бараммат олохтоох – Мин кинини тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим. 55 Мин Этим-сииним дьиҥ аһылык, Мин Хааным дьиҥ утах буолар. 56 Мин Эппин сиир, Мин Хааммын иһэр киһи Миигин кытта биир буолар, Мин эмиэ кинини кытта бииргэбин. 57 Олоҕу биэрэр Аҕам Миигин ыыппытын, Мин Аҕабынан олорорум курдук, Миигинэн аһылыктанааччы эмиэ Миигинэн олоруоҕа. 58 Бу – Халлаантан түспүт килиэп. Кини эһиги өбүгэлэргит сиэбит маанналарын[215] курдук буолбатах: кинилэр сиэн да баран өлбүттэрэ, оттон бу килиэби сиир киһи үйэлэр тухары олоруоҕа». 59 Маны Иисус Капернаумҥа синагогаҕа үөрэтэригэр эппитэ.

Бараммат олох тыллара

60 Үгүс үөрэнээччитэ итини истэн: «Туох муокас тылларай! Итини ким кыайан истиэҕэй?» – дэһиспиттэрэ.

61 Үөрэнээччилэрэ итинник муҥатыйалларын билэн, Иисус эппитэ: «Бу эппиппин истэн дьулайдыгыт дуу? 62 Арай Киһи Уола урут сылдьыбыт сиригэр үөһэ тахсарын көрүҥ, оччоҕо тугуй? 63 Тыын олоҕу биэрэр, оттон киһиэхэ оннук кыах суох. Мин эһиэхэ этэр тылларбар олох Тыына баар. 64 Ол да буоллар итэҕэйбэт дьон эһиэхэ эмиэ бааллар». (Ким итэҕэйбэтин, Кинини таҥнарыахтааҕын Иисус хара маҥнайгыттан билэр этэ.)

65 Итиэннэ эппитэ: «Аҕабыттан бэриллибэтэх буоллаҕына, ким даҕаны Миэхэ кэлэр кыаҕа суох диэн, Мин ол иһин эһиэхэ эппитим».

66 Мантан ыла бэрт элбэх үөрэнээччитэ тэйэн, Кинини кытта бииргэ сылдьыбат буолбуттара. 67 Иисус Уон Иккиэлэриттэн: «Эһиги эмиэ Миигиттэн тэйиэххитин баҕарбаккыт дуо?» – диэн ыйыппыта.

68 Симон Петр эппитэ: «Тойоммуот, Эйигиттэн тэйэммит кимиэхэ барыахпытый? Бараммат олох тылларын Эн билэҕин эбээт. 69 Эн Христос, Тыыннаах Таҥара Уола буоларгын[216] биһиги итэҕэйдибит да, биллибит да».

70 «Мин эһигини Уон Иккиэҥҥитин Апостолларынан талбатаҕым этэ дуо? Ол эрээри эһигиттэн бииргит – адьарай», – диэбитэ Иисус. 71 Кини манан Симон Искариот уолун Иуданы сирэйдээн эппитэ. Уон Иккиэлэртэн биирдэстэрэ, Иуда, Иисуһу таҥнарар санаалааҕа.

вернуться

[214] 6:47 Ким Миигин итэҕэйэр – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «ким итэҕэйэр».

вернуться

[215] 6:58 Маанналарын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «килиэптэрин».

вернуться

[216] 6:69 Эн Христос, Тыыннаах Таҥара Уола буоларгын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Эн Таҥара Сибэтиэйэ буоларгын» эбэтэр «Эн Христос, Таҥара Сибэтиэйэ буоларгын».