34 Фарисейдар маны истэн: «Бүтүн бэйэҥ аньыыга-хараҕа булкуллан төрөөн баран, өссө биһигини үөрэтэ тураҕын дуо?» – диэбиттэрэ. Уонна үүрэн кэбиспиттэрэ.
Дьиҥ хараҕа суохтар
35 Иисус кинини үүрбүттэрин истэн баран, булан ылан: «Эн Таҥара Уолун[230] итэҕэйэҕин дуо?» – диэбитэ.
36 «Тойонуом, итэҕэйиэхпин Кини кимий?» – диэн ыйыппыта киһи.
37 «Урут Кинини эн көрбүтүҥ, билигин Кини эйигинниин кэпсэтэ турар», – диэбитэ Иисус.
38 «Тойонуом, итэҕэйэбин!» – диэн саҥа аллайа түһээт, киһи Киниэхэ сүгүрүйбүтэ.
39 Иисус эппитэ: «Бу аан дойдуга Мин дьүүл буолуутугар – көрбөт дьон көрөр буолалларыгар, көрөр дьон көрбөт буолалларыгар, кэлбитим».
40 Кини аттыгар турбут сорох фарисейдар маны истэн: «Ама биһиги эмиэ хараҕа суох үһүбүт дуо?» – дэспиттэрэ.
41 «Хараҕа суоххут эбитэ буоллар, аньыыга киириэ суох этигит, – диэбитэ Иисус. – Ол гынан баран эһиги билигин көрөбүт диигит, онон аньыыгыт бэйэҕитигэр хаалар».
10
Бараан үөрүн туһунан домох
«1 Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бараан далыгар аанынан киирбэккэ, атын сиринэн күрүөһүлээн киирээччи – ол уоруйах уонна түөкүн, 2 оттон аанынан киирээччи – барааннар маныыһыттара. 3 Маныыһыкка харабыл ааны аһан биэрэр, барааннар эмиэ кини саҥатын истэллэр; оччоҕо кини барааннарын ааттарынан ыҥыртаан таһырдьа таһаартыыр. 4 Барааннарын таһааран баран, иннилэригэр киирэн бара турар, барааннар кини саҥатын билэн, батыһан бараллар. 5 Туора киһи саҥатын атыҥыраан, батыһыахтааҕар буолуох, хата, куотуохтара». 6 Иисус бу домоҕу кинилэргэ кэпсээбитэ эрээри, кинилэр домох суолтатын өйдөөбөтөхтөрө.
Иисус Христос – үтүө санаалаах Маныыһыт
7 Онон Кини хаттаан эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин барааннар киирэр ааннарынабын. 8 Мин иннибинэ кэлэ сылдьыбыттар бары уоруйахтар уонна түөкүттэр этилэр, кинилэри барааннар истибэтэхтэрэ. 9 Мин – ааммын: ким Миигинэн киирбит, ол быыһаныа, киириэ да-тахсыа да, тахсан мэччирэҥи да булуо. 10 Уоруйах уора, өлөрө итиэннэ үрэйэ эрэ кэлэр, оттон Мин эһиэхэ олоҕу – толору олоҕу – биэрэ кэлбитим.
11 Мин үтүө маныыһыппын: үтүө маныыһыт барааннарын туһугар олоҕун толук биэрэр. 12 Наймылаһан үлэлээччи – ол маныыһыт буолбатах, барааннара киниэннэрэ буолбатахтар, онон кини бөрө иһэрин көрдөҕүнэ, барааннары быраҕан атахха биллэрэр, оччоҕо барааннары бөрө тутаттаан сиир, үрүө-тараа ыһыталыыр. 13 Наймыласпыт маныыһыт наймылаһан үлэлиир буолан, барааннарга кыһаммакка, куотан хаалар.
14 Мин үтүө маныыһыппын: Мин Бэйэм барааннарбын билэбин, кинилэр эмиэ Миигин билэллэр. 15 Аҕам Миигин билэрин курдук, Мин эмиэ Аҕабын билэбин, итиэннэ олохпун барааннарым тустарыгар толук уурабын. 16 Миэхэ атын барааннар эмиэ бааллар, ол гынан баран билигин бу тиэргэҥҥэ кинилэр суохтар, Мин олорбун эмиэ аҕалыахтаахпын. Кинилэр саҥабын истиэхтэрэ, оччоҕо барыта биир үөр, биир Маныыһыт буолуо. 17 Ол иһин Миигин Аҕам – олохпун кэлин хаттаан ылаары биэрэрим иһин – таптыыр. 18 Мин олохпун ким да Миигиттэн былдьаан ылбат – Бэйэм биэрэбин. Мин олохпун биэрэр да, хаттаан ылар да былаастаахпын. Бу – Аҕам Миэхэ соруйбут соруга».
19 Маны истэн иудейдар эмиэ мөккүһэн турбуттара. 20 «Абааһыга буулатан өйүттэн тахсыбыт. Кинини тоҕо истэҕит?» – дииллэрэ үгүстэрэ.
21 Атыттара утараллара: «Бу абааһыга буулаппыт киһи тыла-өһө буолбатах: абааһы көрбөтү көрөр оҥорор үһү дуо?»
Иудейдар Иисус Христоһу ылымматтар