Выбрать главу

Бу дойдуну хотуу

25 Баччааҥҥа диэри маны барытын эһиэхэ таайтаран, домохторунан кэпсээн кэллим, ол эрээри аны Аҕам туһунан домоҕо суох аһаҕастык этэр кэмим кэлэн иһэр. 26 Ол күн эһиги Киниттэн Мин ааппын ааттаан туран көрдөһүөххүт, эһиги тускутугар Аҕабыттан Мин көрдөһүөм диэн эппэппин. 27 Эһиги Миигин таптаабыккыт, Мин Таҥараттан кэлбиппин итэҕэйбиккит иһин, Аҕам эһигини таптыыр. 28 Мин Аҕабын хаалларан бу дойдуга кэлбитим, аны билигин бу дойдуну хаалларан Аҕабар барабын».

29 Үөрэнээччилэрэ эппиттэрэ: «Бу билигин ханнык да домоҕунан кэпсээбэккэ, аһаҕастык этэҕин. 30 Билигин биһиги Эн тугу барытын билэргин, киһи Эйигиттэн ыйытарыгар наадыйбаккын билэн, Таҥараттан кэлбиккин итэҕэйэбит».

«31 Билигин итэҕэйэҕит дуо? – диэбитэ Иисус. – 32 Кэм-кэрдии уолдьаһан эрэр, хайыы-үйэ уолдьаста даҕаны: эһиги, Миигин соҕотохтуу хаалларан, хас биирдиигит бэйэҕит суолгутунан барыаххыт; ол эрээри, Мин соҕотох буолбатахпын, Миигин кытта Аҕам баар.

33 Маны Мин эһиэхэ, эһиги Миигинниин биир буолан, эйэҕэ тиксэргит туһугар, эттим. Бу дойдуга эһиги эрэйи көрүөххүт, ол эрээри эрдийиҥ: Мин бу аан дойдуну баһыйдым».

17

Иисус Христос үҥүүтэ

1 Иисус маны этэн баран, халлаан диэки үөһэ көрөн туран: «Аҕаа! Кэм-кэрдии уолдьаста, – диэбитэ. – Уолуҥ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрөрүн туһугар, Эн эмиэ Уолуҥ килбиэнин бу дойдуга көрдөр. 2 Эн Киниэхэ бүтүн киһи аймах үрдүнэн былааһы биэрбитиҥ курдук, Кини эмиэ Эн Киниэхэ биэрбит дьоҥҥор бараммат олоҕу биэриэҕэ. 3 Эйигин, соҕотох дьиҥнээх Таҥараны, уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун билии – бу баар бараммат олох.

4 Мин сиргэ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрдүм, Эн соруйуугун толордум. 5 Аны билигин, Аҕаа, Мин Эйиэхэ эрдэхпинээҕи, аан дойду айыллыан инниттэн баар килбиэмминэн Миигин албан аатырт.

6 Эн бу дойдуттан Миэхэ биэрбит дьоҥҥор Эн ааккын Мин арыйдым; кинилэр Эйиэннэрэ этилэр, кинилэри Миэхэ Эн биэрбитиҥ, кинилэр Эн тылгын толордулар. 7 Эн Миэхэ биэрбитиҥ барыта Эйиэнэ буоларын кинилэр билигин дьэ өйдөөтүлэр; 8 Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.

9 Мин кинилэр тустарыгар көрдөһөбүн: бүтүн аан дойду туһугар буолбатах, Миэхэ Эн биэрбит дьонуҥ туһугар көрдөһөбүн – кинилэр Эйиэннэрэ буолаллар эбээт. 10 Миэнэ барыта – Эйиэнэ, Эйиэнэ эмиэ Миэнэ; Мин албан аатым килбиэнин кинилэр көрдөрдүлэр.

11 Мин хайыы-үйэ бу дойдуга буолбатахпын, Эйиэхэ баран иһэбин, оттон кинилэр бу дойдуга хаалаллар. Сибэтиэй Аҕаа! Эн Биһикки биирбит курдук, кинилэр эмиэ биир сомоҕо буолалларын туһугар, кинилэри, Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Бэйэҥ аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаа[244]. 12 Мин бу дойдуга[245] кинилэрдиин бииргэ сылдьан, кинилэри Эн аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаатым; кинилэри, Эн Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Мин харыстаан илдьэ сырыттым, онон өлөргө анаммыттан ураты кинилэртэн ким да өлбөтө. Суруйууларга этиллибит туолла.

вернуться

[244] 17:11 Кинилэри, Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Бэйэҥ аатын күүһүнэн араҥаччылаа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «кинилэри Миэхэ биэрбит аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаа».

вернуться

[245] 17:12 Бу дойдуга – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.