Выбрать главу

10 «Ити ылбыт балыккытыттан аҕалыҥ эрэ», – диэбитэ Иисус. 11 Симон Петр баран сүүс биэс уон үс бөдөҥ балык иҥнибит илимин кытылга соһон таһаарбыта. Итиччэ элбэх балыктааҕын үрдүнэн, илим хайа барбатаҕа.

12 «Кэлэн аһааҥ», – Иисус ыҥырбыта. Үөрэнээччилэртэн ким да, бу Айыы Тойон буоларын билэн, санаата буолан «Эн Кимҥиний?» диэн ыйыппатаҕа. 13 Иисус кэлэн килиэби, онтон балыгы ылан, кинилэргэ биэртэлээбитэ. 14 Бу тиллэн баран үөрэнээччилэригэр үһүс көстүүтэ этэ.

Иисус Христос уонна Петр

15 Аһыы олордохторуна, Иисус Симон Петртан ыйыппыта:

«Иона уола Симон![251] Эн Миигин кинилэрдээҕэр ордук таптыыгын дуо?»

«Таптыыбын, Айыы Тойон, – диэбитэ Петр. – Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин».

Иисус эппитэ: «Мин барааннарым оҕолорун манаа».

16 Онтон иккиһин ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин таптыыгын дуо?»

«Таптыыбын, Айыы Тойон, – диэбитэ Петр. – Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин».

«Мин барааннарбын манаа», – диэбитэ Иисус.

17 Онтон үсүһүн ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин таптыыгын дуо?»

Кини үсүһүн «Эн Миигин таптыыгын дуо?» диэбититтэн санньыйан, Петр эппитэ: «Айыы Тойон! Эн барытын билэҕин. Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин».

Иисус киниэхэ эппитэ: «Мин барааннарбын манаа. 18 Дьиҥ кырдьыгы эйиэхэ этэбин: эдэргэр эн, бэйэҥ курданаҥҥын, ханна баҕарбыт сиргэр барарыҥ, оттон кырыйдаххына, икки илиигин быластыы уунуоҕуҥ, оччоҕо эйигин атын киһи курдаан, баҕарбат сиргэр илдьэ барыаҕа». 19 Кини маны Петр, хайдах өлөн, Таҥараны албан аатырдыахтааҕын өйдөтөн эппитэ. Инньэ диэн баран, киниэхэ: «Миигин батыс», – диэбитэ.

Иисус Христос уонна Кини таптыыр үөрэнээччитэ

20 Петр эргиллэн, кини кэнниттэн били киэһээҥҥи аһылыкка Иисус түөһүгэр сыстан «Тойонуом! Эйигин таҥнарааччы кимий?» диэбит Иисус таптыыр үөрэнээччитэ иһэрин көрбүтэ. 21 Кинини көрөн, Петр Иисустан: «Айыы Тойон! Оттон кини хайдах буолуоҕай?» – диэн ыйыппыта.

22 «Кини, Мин кэлиэхпэр диэри, баар буолуон баҕарар буоллахпына, онно эн тугуҥ кыһалҕатай? – диэбитэ Иисус. – Эн Миигин батыс!»

23 Бу кэнниттэн ол үөрэнээччи өлбөт үһү диэн тыл кинилэр ортолоругар тарҕаммыта. Ол эрээри Иисус Петрга кини өлүө суоҕа диэн эппэтэҕэ, «Кини, Мин кэлиэхпэр диэри, баар буолуон баҕарар буоллахпына, онно эн тугуҥ кыһалҕатай?» диэбитэ.

24 Бу туһунан ол үөрэнээччи бэйэтэ туоһулаан маны суруйда. Кини туоһута кырдьыктааҕын биһиги билэбит.

25 Иисус мантан да атыны элбэҕи оҥорбута; ону барытын сиһилии суруйар буоллар, суруллубут кинигэ барыта бүтүн аан дойдуга да кыайан батыа суох этэ дии саныыбын. Аминь[252].

СИБЭТИЭЙ АПОСТОЛЛАР ДЬАЙЫЫЛАРА

1

Киирии тыл

1-2 Бастакы кинигэбэр, Феофил, мин Иисус тугу оҥорбутун, туохха үөрэппитин барытын аан маҥнайгыттан ыла саҕалаан, талан ылбыт Апостолларыгар Сибэтиэй Тыынынан ыйыы-кэрдии биэрэн баран Халлааҥҥа ылыллыбыт күнүгэр диэри сэһэргээн суруйбутум. 3 Кириэскэ муҥнанан баран, Кини түөрт уон хонук устата үөрэнээччилэригэр көстөн, Таҥара Саарыстыбатын туһунан кэпсээн, Бэйэтэ тыыннааҕын элбэх итэҕэтиилээх чахчыларынан кэрэһилээн көрдөрбүтэ.

4 Биирдэ Апостоллар түмсэн олордохторуна, Кини эппитэ: «Иерусалимтан ханна да барбакка, Миигиттэн истибиккитин – Аҕам эрэннэрбитин – кэтэһиҥ. 5 Иоанн уунан сүрэхтиирэ, оттон эһиги бу кэннэ аҕыйах хонугунан Сибэтиэй Тыынынан сүрэхтэниэххит».

Иисус Христос Халлааҥҥа барыыта

6 Ол иһин бары мустан, Киниттэн ыйыппыттара: «Айыы Тойон, Эн Израиль Саарыстыбатын субу кэмҥэ чөлүгэр түһэрэҕин дуо?»

7 Иисус эппитэ: «Аҕам Бэйэтин былааһынан ханнык болдьоҕу, кэми-кэрдиини анаабытын эһиги билэр кыаххыт суох. 8 Ол эрээри Сибэтиэй Тыын үөһэттэн түһэн эһиэхэ киирдэҕинэ, эһиги күүс ылан, Иерусалимҥа да, бүтүн Иудея, Самария да устун – сир бары уһугар тиийэ Мин кэрэһиттэрим буолуоххут».

вернуться

[251] 21:15-17 Иона уола Симон! – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Иоанн уола Симон».

вернуться

[252] 21:25 Аминь – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох.