Содур буолуу туһунан
12 «Миэхэ туох барыта көҥүллэнэр» диигит эрээри, туох барыта туһалаах буолбатах; сөп, «миэхэ туох барыта көҥүллэнэр», ол эрээри мин онтон туохха да тутулукка ылларыа суохтаахпын. 13 Сөп, «ас – куртахха, куртах – аска ананар»; ол эрээри Таҥара хайатын да суох гыныаҕа. Оттон киһи этэ-сиинэ содур быһыыга буолбатах, Айыы Тойоҥҥо ананар, онон киһи этин-сиинин Айыы Тойон бас билэр. 14 Таҥара Айыы Тойону тилиннэрбитэ, онон биһигини да Бэйэтин күүһүнэн тилиннэриэҕэ. 15 Эһиги эккит-сииҥҥит Христос Этин-сиинин сорҕото буоларын, ама, билбэккит дуо? Уонна хайаан эһигини Христостан арааран ыламмын, сэлээччэх дьахтарга холбуохпунуй? Оннук эрэ буолуо суоҕа! 16 Эбэтэр, сэлээччэх дьахтардыын хоонньоһооччу кинилиин биир эт-хаан буоларын эһиги билбэккит дуу? «Икки эт-хаан биир эт-хаан буолуохтара» диэн этиллэн турар буолбатах дуо? 17 Ол курдук эмиэ Айыы Тойону кытта холбоһооччу Айыы Тойоннуун биир тыын буолар. 18 Онон содур быһыыттан куотуҥ; киһи ханнык да аньыыны оҥорбутун иһин, ол оҥорбут аньыыта этигэр-сиинигэр сыһыана суох, оттон содур киһи бэйэтин этин-сиинин утары аньыыны оҥостор. 19 Эһиги эккит-сииҥҥит Таҥара эһиэхэ биэрбит Сибэтиэй Тыынын дьиэтэ буоларын, бэйэҕитин бэйэҕит бас билиммэккитин өйдөөбөккүт дуо? 20 Эһиги ыарахан сыанаҕа атыылаһыллыбыккыт, онон эккитин-сииҥҥитин, дууһаҕытын – бүтүн бэйэҕитин Таҥара бас билэрин быһыытынан, эккитинэн да, дууһаҕытынан да Таҥараны албан аатырдар гына олоруҥ[389].
7
Ыал буолуу туһунан
1 Аны эһиги миэхэ суруйбуккут туһунан этэр буоллахха, эр киһи кэргэннэммэтэ ордук. 2 Ол гынан баран содур быһыыга-майгыга киирэн биэрбэт туһугар, эр киһи барыта ойохтоох, дьахтар барыта эрдээх буолуохтаах. 3 Эр киһи ойоҕор үтүөтүк сыһыаннаһыахтаах, дьахтар эригэр эмиэ биир оннук буолуохтаах. 4 Дьахтар этин-сиинин бэйэтэ буолбатах, кини тойон эрэ бас билэр, оттон эр киһи этин-сиинин эмиэ бэйэтэ буолбатах, хотуна бас билэр. 5 Бэйэ-бэйэҕититтэн куотунумаҥ, арай иккиэн сүбэлэһэн баран, поһу тутуһар[390], Таҥараҕа үҥэр кэмҥитигэр эрэ бэйэ-бэйэҕититтэн туттунар буолуҥ, ол кэнниттэн эмиэ, сатана чараас сиргитин билэн, имэҥирдэн, аньыыга уккуйбатын туһугар, бииргэ буолуҥ. 6 Ол эрээри маны мин модьуйбакка, көҥүллээн эрэ этэбин. 7 Киһи барыта бэйэм курдук сылдьыан баҕарыам этэ гынан баран, хас биирдии киһи Таҥараттан ылбыт кыаҕа тус-туһунан – сорох кыаҕа биир, иккис кыаҕа атын.
8 Оттон аҥаардас дьоҥҥо, огдооболорго этиэм этэ: кинилэр мин курдук соҕотоҕун сылдьаллара ордук. 9 Арай, кыайан туттуммат буоллахтарына, ыал буоллуннар; имэҥирэ сылдьыах кэриэтэ кэргэннэммит көнө.
10 Оттон ыал буолбуттартан – мин буолбатах, Айыы Тойон Бэйэтэ модьуйар: дьахтар эриттэн арахсыа суохтаах, 11 арахсар түбэлтэтигэр соҕотох хаалыахтаах, эбэтэр эрин кытта эйэлэһиэхтээх; эр киһи ойоҕун эмиэ быраҕыа суохтаах.
12 Оттон атыттарга – Айыы Тойон буолбатах, мин бэйэм этэбин: итэҕэйбэт ойохтоох хайа эмэ бырааппыт ойоҕо сөбүлэһэн олорор буоллаҕына, киниттэн арахсыа суохтаах. 13 Итэҕэйбэт эрдээх дьахтар, эрэ сөбүлэһэн олорор буоллаҕына, эмиэ арахсыа суохтаах. 14 Тоҕо диэтэххитинэ, итэҕэйбэт эр киһи итэҕэйэр ойоҕунан сибэтии буолар, оттон итэҕэйбэт дьахтар итэҕэйэр эринэн сибэтии буолар. Онтон атын эбитэ буоллар, оҕолоргут кирдээх буолуо этилэр, оттон билигин кинилэр эмиэ – Таҥараҕа анаммыт оҕолор. 15 Итэҕэйбэт киһи арахсыан баҕардаҕына, араҕыстын, оннук түбэлтэҕэ биһиги биир итэҕэллээхтэрбит хааччахтамматтар: Айыы Тойон биһигини[391] эйэлээх буоларга ыҥырар. 16 Эргин быыһаабаккын дьахтар хантан билэҕин? Эр киһи эмиэ ойоххун быыһаабаккын хантан билэҕин?
Таҥара хайдах анаабытын хоту олоруҥ
[389]