29 Онтон атын эбитэ буоллар, өлбүттэр тустарыгар дьон тоҕо сүрэхтэниэ этилэрэй? Өлбүттэр букатын тиллибэт буоллахтарына, оччотугар өлбүттэр тустарыгар туох инниттэн сүрэхтэнэллэрий? 30 Оччотугар биһиги эмиэ туох иһин чаас аайытын алдьархай айаҕын өҥөйөбүтүй? 31 Бэйэм туспунан эттэххэ, өлүү айаҕын күн аайы өҥөйөбүн. Бу туһунан, бырааттарыам, Айыы Тойоммут Христос Иисус иннигэр эһигинэн киэн туттар үөрүүбүнэн туоһулуубун. 32 Киһи сиэринэн толкуйдаатахха, өлбүттэр тиллибэт буоллахтарына, мин Ефескэ адьырҕа кыыллары кытта охсуһаммын тугу туһаммыппыный? «Сарсын өлүөхпүт турдаҕа, онон кытаатан аһаан-иһэн хаалыаҕыҥ!» Оннук дуо? 33 Албыҥҥа киирэн биэримэҥ! «Куһаҕан доҕоттордуун куодарыстахха, хаарыан быһыы-майгы сатарыйар»[407]. 34 Онон өйгүтүн-төйгүтүн булунан, аньыыны оҥороргутун тохтотуҥ. Баҕар, саатыаххыт да буоллар, этэбин: эһигиттэн сороххут Таҥараны билбэт.
Саҥа эппит-сииммит хайдах буолуой?
35 Ол гынан баран ким эмэ: «Өлбүттэр хайдах тиллиэхтэрэй? Тилиннэхтэринэ, хайдах эттээх-сииннээх кэлиэхтэрэй?» – диэн ыйытыа. 36 Оо, толкуйа суох! Ыһар сиэмэҥ, өлбөтөҕүнэ, тиллиэ суоҕа буолбаат? 37 Ыһаргар эн бүтүн үүнээйини буолбакка, сыгынньах туорааҕы, сэлиэһинэйи дуу, атын туорааҕы дуу ыһаҕын, 38 ол эрээри Таҥара ол сиэмэни хайдах баҕарарынан эттиир-сиинниир, хас биирдии сиэмэҕэ туспа эти-сиини биэрэр. 39 Хамныыр харамай этэ-сиинэ барыта атылыы буолбатах: киһи этэ-сиинэ туһунан, сүөһү этэ-сиинэ туһунан, балык киэнэ туһунан, көтөр киэнэ эмиэ туһунан. 40 Халлаан эттиктэрэ бааллар, сир эттиктэрэ эмиэ бааллар: ол эрээри халлаан эттиктэрин килбиэнэ туспа, сир эттиктэрин килбиэнэ – эмиэ туһунан. 41 Күн килбиэннээх сырдыга туһунан, ый килбиэннээх сырдыга туһунан, сулустар киэннэрэ эмиэ туһунаннар; сулус даҕаны атын сулустартан кэрэ көстүүтүнэн уратылаах буолар.
42 Өлбүттэр тиллэллэригэр эмиэ ол курдук буолуоҕа: өлөн-сүтэн буорга угуллар – өлбөт-сүппэт аналлаах туран кэлэр; 43 буорайан-буомтуйан буорга угуллар – албан аатыран туран кэлэр; мөлтөөн-ахсаан буорга угуллар – күүһүрэн-уоҕуран туран кэлэр; 44 эт-хаан айылҕалаах эттик буорга угуллар – духуобунай эттик туран кэлэр. Эт-хаан айылҕалаах эттик да баар, духуобунай эттик да баар. 45 Суруйууларга «бастакы киһи Адам тыыннаах дууһа буолбута» диэн суруллубута, оттон бүтэһик Адам олоҕу биэрэр тыын буолар. 46 Ол эрээри духуобунай хаһан да урутаабат, маҥнай эт-хаан айылҕалаах кэлэр, ол эрэ кэнниттэн духуобунай кэлиэхтээх. 47 Бастакы киһи сирдээҕи буолан сир-буор састааптааҕа; оттон иккис киһи – халлаантан кэлбит Айыы Тойон[408]. 48 Сиртэн-буортан турар киһи хайдах этэй да, сирдээҕилэр эмиэ оннуктар; Халлаантан кэлбит хайдаҕый да, халлааннааҕылар эмиэ оннуктар; 49 хайдах биһиги сирдээҕи киһи мөссүөнэ мөссүөннээх этибитий да, соннук эмиэ Халлааннааҕы мөссүөнүн ылыныахпыт.
50 Ол гынан баран, бырааттарым, мин эһиэхэ манныгы этиэм: эттэн-хаантан турар сирдээҕи киһи хайдах да Таҥара Саарыстыбатыгар тиксибэт, өлөр оҥоһуулаах хайдах да өлбөт оҥоһуулаахха кытыктаммат. 51-52 Эһиэхэ кистэлэҥи этэбин: биһиги бука бары өлөр буолбатахпыт[409], ол гынан баран, бүтэһик турба тыаһаатаҕына, эмискэ чыпчылҕан түгэнигэр бука бары дьүһүн уларыйыахпыт, тоҕо диэтэргит, ол турба тыаһаатын кытта өлбүттэр тиллэн туран кэлиэхтэрэ, оттон биһиги дьүһүн уларыйыахпыт. 53 Ол аата биһиги кэхтэр оҥоһуулаах айылҕабыт кэхтибэт айылҕаҕа кубулуйуохтаах, өлөр оҥоһуулаах айылҕабыт өлбөт-сүппэт оҥоһуулаах айылҕаҕа кубулуйуохтаах. 54 Оттон кэхтэр оҥоһуулаах кэхтибэт аналлаахха, муҥур үйэлээх бараммат үйэлээххэ кубулуйдаҕына, «Өлөр өлүү кыайтарда! Кыайыы күнэ үүннэ!» диэн суруллубут туолуо. 55 «Өлөр өлүү! Ханна баарый эн өргөһүҥ? Үтүгэн түгэҕэ! Ханна баарый эн кыайыыҥ?»[410]
[407]