14 «Сорох Иоанн Сүрэхтээччи, сорох Илия, сорох Иеремия биитэр пророктартан биирдэстэрэ диир», – диэн үөрэнээччилэрэ хоруйдаабыттара.
15 «Оттон эһиги Миигин ким диигитий?» – Иисус ыйыппыта.
16 «Эн – Христоскун, Тыыннаах Таҥара Уолаҕын», – диэбитэ Симон Петр.
17 Иисус эппитэ: «Эн алгыстаах киһигин, Иона уола Симон! Маны эйиэхэ дьон буолбатах, Халлааҥҥа баар Аҕам арыйбыта. 18 Ол иһин Мин эйиэхэ этэбин: Эн – Петргын[33], онон бу таас үрдүгэр Мин Церковпын туруоруом, оччоҕуна үтүгэн түгэҕин да күүстэрэ кинини хотуохтара суоҕа. 19 Мин эйиэхэ Халлаан Саарыстыбатын күлүүстэрин биэриэҕим: эн сиргэ тугу баайбытыҥ – Халлааҥҥа бааллыаҕа; сиргэ тугу сүөрбүтүҥ – Халлааҥҥа сөллүөҕэ». 20 Инньэ диэн баран, Кини Христос буоларын дьоҥҥо кэпсииллэрин кытаанахтык боппута.
Иисус Христос өлөн баран тиллиэхтээҕин эрдэттэн этэр
21 Бу кэмтэн ыла Иисус Иерусалимҥа барыахтааҕын, аҕа баһылыктартан, архиерейдартан уонна сокуонньуттартан элбэх эрэйи көрүөхтээҕин, онтон Кинини өлөрбүттэрин кэннэ үһүс күнүгэр тиллиэхтээҕин туһунан үөрэнээччилэригэр аһаҕастык кэпсиир буолбута.
22 Петр Кинини ыҥыран ылан: «Бэйэҕин аһын, Тойонуом! – диэн утарардыы эппитэ. – Эн итинник эрэ буолбатыҥ буоллар!»
23 Иисус эргиллэн Петрга: «Киэр буол Миигиттэн, сатана! – диэбитэ. – Эн Миигин дэҥ үктэтэ сатыыгын, Таҥара туһун буолбакка, киһи туһун саныыгын».
24 Онтон үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Ким Миигин батыһыан баҕарар, ол бэйэтиттэн аккаастаннын, уонна кириэһин ылан, Миигин батыстын. 25 Ким олоҕун быыһыан баҕарбыт – олоҕун сүтэриэҕэ, оттон ким олоҕун Мин туспар сүтэрбит – олоҕун булуоҕа. 26 Киһи бүтүн аан дойдуну да баһылаан туран, бэйэтин олоҕор хоромньуну оҥоһуннаҕына, ол баһылаабыта киниэхэ туох туһалаах буолуой? Бэйэтин олоҕун киһи тугунан толуйан ылыаҕай? 27 Киһи Уола Аҕатын килбиэнинэн сырдаан Аанньалларын кытта кэллэҕинэ, хас биирдии киһиэхэ тугу оҥорбутунан көрөн төлүөҕэ. 28 Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бу манна турааччылартан сорохторо Киһи Уола Ыраахтааҕы буолан кэлэрин көрө иликтэринэ, өлүөхтэрэ суоҕа».
17
Дьүһүн уларыйыы
1 Алта хонон баран Иисус Петры, Иаковы уонна кини быраатын Иоанны ылан, үрдүк хайаҕа тахсыбыта. 2 Үөрэнээччилэрин иннилэригэр туран, Кини эмискэ дьүһүнэ уларыйан хаалбыта: сирэйэ күн курдук сандаарбыта, таҥаһа кылбаа маҥан буолбута. 3 Онтон арай көрдөхтөрүнэ, Моисейдаах Илия кэлэн Иисуһу кытта кэпсэтэ тураллара.
4 Петр Иисуска эппитэ: «Тойоммуот! Манна сылдьарбыт үчүгэй даҕаны! Эн баҕарар буоллаххына, биһиги манна үс отууну тутуохпут: Эйиэхэ биири, Моисейга биири, Илияҕа эмиэ биири».
5 Маны этэн бүтэ илигинэ, эмискэ сандаархай былыт кэлэн кинилэргэ сыдьаайбыта, былыт быыһыттан саҥа дуораһыйбыта: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум; Кинини истиҥ!»
6 Бу саҥаны истээт, үөрэнээччилэр уолуйан сиргэ умса түспүттэрэ. 7 Иисус кэлэн кинилэри таарыйан баран: «Туруҥ, куттанымаҥ!» – диэбитэ. 8 Үөрэнээччилэр өндөйөн көрбүттэрэ – аттыларыгар Иисустан ураты атын ким да суох этэ.
9 Хайаттан түһэн иһэн, Иисус сэрэтэн эппитэ: «Киһи Уола өлбүттэртэн тиллиэн иннинэ, эһиги манна тугу көрбүккүтүн кимиэхэ да кэпсиир буолаайаҕыт».
10 Онуоха үөрэнээччилэрэ: «Сокуонньуттар тоҕо бастаан Илия кэлиэхтээх дииллэрий?» – диэн ыйыппыттара.
«11 Чахчы, Илия урут кэлэн барытын бэлэмниэхтээҕэ, – диэбитэ Иисус. – 12 Ол эрээри эһиэхэ этэбин: Илия хайыы-үйэ кэлбитэ гынан баран, кини кэлбитин билбэтэхтэрэ, онон таптаабыттарынан кинини дьаһайбыттара. Ити курдук Киһи Уола эмиэ кинилэр илиилэригэр түбэһэн, элбэх эрэйи-муҥу көрүөхтээх». 13 Маныаха үөрэнээччилэрэ Кини Иоанн Сүрэхтээччи туһунан этэрин дьэ өйдөөбүттэрэ.