Выбрать главу

9 Хайаттан түһэн истэхтэринэ, Иисус, Киһи Уола өлбүттэртэн тиллиэр диэри, тугу көрбүттэрин кимиэхэ да кэпсээбэттэрин курдук кытаанахтык сэрэппитэ. 10 Кинилэр, ону ылыммыттара эрээри: «„Өлбүттэртэн тиллэр“ диэн туох баҕайыный?» – дэһэ испиттэрэ. 11 Итиэннэ Киниттэн: «Сокуонньуттар тоҕо Илия инники кэлиэхтээх дииллэрий?» – диэн ыйыппыттара.

«12 Кырдьык, Илия урут кэлэн барытын бэлэмниэхтээх, – диэбитэ Кини. – Оттон Киһи Уола, Суруйууларга этиллибитин курдук, элбэх эрэйи көрүөхтээх, атаҕастаныахтаах. 13 Ол эрээри Мин эһиэхэ этэбин: Илия хайыы-үйэ кэлбитэ эрээри, кинини таптаабыттарынан дьаһайбыттара. Суруйууларга кини туһунан итинник этиллэр».

Быртах тыыҥҥа буулаппыт уолу үтүөрдүү

14 Иисус үөрэнээччилэригэр төннөн кэлэн көрбүтэ[101]: тулаларыгар киһи бөҕө мустубут этэ; сокуонньуттар кинилэри кытта мөккүһэ тураллара. 15 Иисуһу көрөн дьиктиргээбит дьон Кинини эҕэрдэлии сүүрэн кэлбиттэрэ.

16 «Туох туһунан кинилэри кытта мөккүһэҕитий?» – диэн ыйыппыта Иисус үөрэнээччилэриттэн.

17 Мустубут дьон быыһыттан биир киһи хоруйдаабыта: «Үөрэтээччи! Мин быртах тыыҥҥа буулаппыт тыла суох уолбун Эйиэхэ аҕалбытым. 18 Оҕобун абааһы ханна хам ылла да, сонно охторон түһэрэр. Оччоҕо оҕом, айаҕыттан күүгэн алла-алла, тииһин хабырынар, чиккэччи тартарар. Үөрэнээччилэргиттэн тыыны үүрэн таһаарыҥ диэн көрдөспүтүм да, кыайбатылар».

19 «Оо, итэҕэлэ суох көлүөнэ! – диэбитэ Иисус кинилэргэ. – Хаһааҥҥа диэри эһигини кытта сылдьабын? Хаһааҥҥа диэри эһигини тулуйабын? Кинини Миэхэ аҕалыҥ».

20 Уолу аҕалбыттара. Быртах тыын буулаабыт уола, Иисуһу көрөөт да, тартаран барбыта, сиргэ охтон түһэн, айаҕыттан күүгэн алла-алла, төкүнүйэ сылдьыбыта.

21 «Маннык буолбута төһө өр буолла?» – Иисус уол аҕатыттан ыйыппыта.

«Олох кыра эрдэҕиттэн, – диэбитэ аҕата. – 22 Оҕобун өлөрөөрү, элбэх төгүл ууга да, уокка да түһэрэ сатаабыта; Эн тугу эмэ кыайан оҥоруох буоллаххына, биһигини аһын, көмөлөс».

23 Иисус киниэхэ эппитэ: «Итэҕэйэр кыахтаах буоллаххына[102], итэҕэйээччигэ туох барыта кыаллар».

24 Сонно уол аҕата хараҕыттан уу-хаар баһан туран: «Итэҕэйэбин, Тойонуом![103] – диэн саҥа аллайбыта. – Итэҕэйэрбэр көмөлөс!»

25 Иисус дьон саба сырсан иһэллэрин көрөн, быртах тыыны боппута: «Тыла суох дьүлэй тыын! Эйиэхэ этэбин: киниттэн таҕыс уонна хаһан да киниэхэ кииримэ!»

26 Быртах тыын үөгүлээн баран, уолу күүскэ титирэстэппитинэн, тахсан барбыта. Уол өлбүт курдук буолан хаалбыта, ону көрөн үгүстэр: «Өллө», – дэспиттэрэ. 27 Иисус уолу илиититтэн ылан өрө тарпытыгар, уол туран кэлбитэ.

28 Кини дьиэҕэ киирбитигэр үөрэнээччилэрэ атын ким да суоҕар: «Биһиги быртах тыыны киниттэн тоҕо кыайан үүрэн таһаарбатахпытый?» – диэн ыйыппыттара.

29 «Абааһы ити бииһин ууһун мэлииппэ уонна пост[104] эрэ күүһүнэн үүрүөххэ сөп», – диэбитэ Иисус.

Иисус Христос өлөн баран тиллэрин өссө биирдэ этэр

30 Мантан тахсан Галилея сиринэн барбыттара; Иисус бу сири ким да билбэтинэн ааһыан баҕарбыта: 31 Кини үөрэнээччилэрин үөрэтэ-өйдөтө – Киһи Уола дьон илиитигэр бэриллиэхтээҕин, Кинини өлөрүөхтээхтэрин, ол эрээри Кини өлөн баран үһүс күнүгэр тиллиэхтээҕин кэпсии – испитэ. 32 Бу кэпсиирин өйдөөбөтөхтөрө эрээри, ыйытыахтарын дьулайбыттара.

Ким саамай улаханый?

33 Иисус Капернаумҥа кэлбитэ. Дьиэҕэ киирэн баран: «Аара суолга ити тугу кэпсэппиккитий?» – диэн ыйыппыта. 34 Үөрэнээччилэрэ саҥарбатахтара. Кинилэр аара бэйэлэрин икки ардыларыгар хайалара саамай улаханын быһаарса испиттэрэ.

35 Иисус олорунан баран, Уон Иккиэлэрин ыҥыран ылбыта: «Ким бастакы буолуон баҕарар, ол барыларыттан бүтэһик буоллун, барыларыгар чаҕар буоллун».

вернуться

[101] 9:14 Үөрэнээччилэригэр төннөн кэлэн көрбүтэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «үөрэнээччилэргэ төннөн кэлэн көрбүттэрэ».

вернуться

[102] 9:23 Итэҕэйэр кыахтаах буоллаххына – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Тугу эмэ кыайан оҥоруох буоллаххына диэн ол тугуй?»

вернуться

[103] 9:24 Уу-хаар баһан туран: Итэҕэйэбин, Тойонуом! – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.

вернуться

[104] 9:29 Уонна пост – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.