41 Үһүс төгүлүн кэлэн эппитэ: «Эһиги кэм да утуйа, сынньана сытаҕыт дуу? Бүттэ, кэм-кэрдии кэллэ: Киһи Уола бу аньыылаахтар илиилэригэр бэриллэн эрэр. 42 Туруҥ, бардыбыт. Көрүҥ, Миигин таҥнарааччы чугаһаата».
Иисус Христоһу тутуу
43 Сонно, Кини маны этэ турдаҕына, Иуда, Уон Иккиэлэртэн биирдэстэрэ, тиийэн кэлбитэ. Кинини кытта архиерейдар, сокуонньуттар уонна аҕа баһылыктар ыыппыт болоттоох-үөрбэлээх дьоно кэлсибиттэрэ. 44 Таҥнарыахсыт кинилэргэ эрдэттэн «мин Кими уураабытым – ол Иисус буолуоҕа, Кинини тутан ылан, эрэллээхтик манатан илдьээриҥ» диэн бэлиэ биэрбит этэ. 45 Иуда кэлээт да, Киниэхэ чугаһаан кэлэн: «Равви! Равви!» – диэн баран, күүскэ уураан ылбыта. 46 Кэлбит дьон Иисуһу саба түһэн тутан ылбыттара. 47 Онно турбут дьонтон биирдэстэрэ батаһын хаба тардан ылан, архиерей кулутун кулгааҕын быһа дайбаабыта.
«48 Эһиги, ороспуойу тутар курдук, Миэхэ болоттонон-үөрбэлэнэн кэлбиккит, – диэбитэ Иисус Кинини тута кэлбит дьоҥҥо. – 49 Хас күн аайы Мин эһигини Таҥара Дьиэтигэр үөрэтэрим, онно эһиги Миигин туппатаххыт. Ол эрээри Суруйууларга этиллибит туолуохтун». 50 Онуоха үөрэнээччилэрэ бары Кинини быраҕан, куотан хаалбыттара.
51 Биир эдэр уол, сыгынньах этин холустанан эринэн баран Кинини батыспытын, буойуннар тутан ылбыттара. 52 Уол холустатын хаалларан, сыгынньаҕын куоппута.
Синедриоҥҥа
53 Иисуһу архиерейга аҕалбыттара; онно архиерей үлэһиттэрэ, аҕа баһылыктар уонна сокуонньуттар бары мустубуттара. 54 Петр Кинини ырааҕынан батыһан, архиерей тиэргэнигэр киирсэн хаалбыта; онно үлэһиттэри кытта кэккэлэһэ олорон, кулуһун уотугар иттибитэ.
55 Архиерейдар уонна синедрион бүттүүнэ, Иисуһу өлөрөөрү, Кинини утары туох эмэ туоһу көрдүү сатаабыттара да, булбатахтара. 56 Бэрт элбэх киһи Кинини утары сымыйанан туоһулуура гынан баран, бары тус-туһунан этэллэрэ.
57 Сорохтор Кинини утары туоһулаан эппиттэрэ: 58 «Кини бу дьон туппут Таҥаратын Дьиэтин урусхаллаан бараммын, үс хонугунан атыны, дьон туппатаҕын, тутуоҕум диирин биһиги истибиппит». 59 Ол эрээри бу да туоһулааһыннар син биир сөп түбэһиспэт этилэр.
60 Архиерей ортоку тахсан туран, Иисустан: «Эн тоҕо тугу да хоруйдаабаккын? – диэн ыйыппыта. – Эйигин утары бу тугу туоһулуулларый?» 61 Кини саҥата суох турбута, тугу да хоруйдаабатаҕа.
Архиерей эбии лаппыйан ыйыппыта: «Кэлиэхтээх Христос – Алгыстаах Таҥара Уола Эн дуо?»
62 «Мин, – диэбитэ Иисус. – Эһиги Киһи Уола Сүдү Күүстээх Таҥара уҥа өттүгэр олорорун уонна халлаан былыттарын кытта кэлэн иһэрин көрүөххүт».
63 Маны истэн, архиерей таҥаһын хайа тардыммыта: «Бу кэннэ туох туоһутугар эбии наадыйабытый? 64 Эһиги Таҥараны холуннарыыны иһиттигит! Онон туох диэн быһаараҕыт?»
Бары: «Кини өлөр буруйдаах!» – диэбиттэрэ. 65 Сорохтор Кинини силлээн киирэн барбыттара, итиэннэ сирэйин сабан баран: «Пророк, ким охсубутун эт!» – дии-дии, сирэйгэ охсуолаабыттара. Онтон аны чаҕардар Кинини кырбаабыттара.
Петр мэлдьэһиитэ
66 Петр аллара тиэргэҥҥэ олордоҕуна, архиерей чаҕар кыргыттарыттан биирдэстэрэ чугаһаан кэлэн, 67 иттэ олорор Петры сыныйан көрөн баран: «Эн эмиэ Назарет Иисуһун кытта сылдьарыҥ!» – диэбитэ.
68 «Билбэппин, ити тугу этэргин өйдөөбөппүн», – диэн мэлдьэһэн баран, Петр тас тиэргэҥҥэ тахсан барбыта; сонно бөтүүк хаһыытаабыта.
69 Чаҕар кыыс кинини иккиһин көрөн, онно турар дьоҥҥо: «Бу кинилэртэн биирдэстэрэ», – диэбитэ. 70 Петр эмиэ мэлдьэспитэ.
Чочумча буолаат онно турар дьон Петрга хаттаан эппиттэрэ: «Чахчы, эн Галилея олохтооҕунаҕын, кинилэртэн биирдэстэринэҕин. Саҥаҕыттан да биллэр[123]».
71 «Ити этэр Киһигитин мин билбэппин», – диэн Петр сирдээх халлаанынан андаҕайбыта.