Выбрать главу

Икки акылаат

46 Эһиги Миигин „Тойоммут! Тойоммут!“ диэн ыҥыраҕыт эрээри, этэрбин тоҕо толорбоккутуй? 47 Миэхэ кэлэн Мин тылбын истэр уонна толорор киһи кимиэхэ холооннооҕун эһиэхэ этиэм. 48 Кини сири дириҥник хаһан, дьиэтин акылаатын тааска түһэрбит киһиэхэ холоонноох. Өрүс халааннаатаҕына, күүстээх уу анньан кэлэр да, таас акылааттаах дьиэни хамсаппат. 49 Оттон ким Мин тылбын истэр эрээри, толорбот – ол дьиэтин кумахха акылаата суох туппут киһиэхэ холоонноох: уу тоҕо анньан кэлиэ да, ол дьиэ сонно сиҥнэн түһүө».

7

Рим сотнигын итэҕэлэ

1 Иисус норуокка этэр тылын түмүктээн баран, Капернаумҥа киирбитэ. 2 Онно биир сотник күндүтүк саныыр кулута ыалдьан өлөөрү сытара. 3 Сотник Иисус туһунан истэн, кэлэн кулуппун үтүөртүн диэн көрдөһүннэрэ, иудей аҕа баһылыктарын ыыппыта. 4 Кинилэр Иисуска кэлэн, биһигини кытта барыс диэн итэҕэтиилээхтик көрдөспүттэрэ: «Эн көмө оҥороргор кини бэрт сөптөөх киһи – 5 биһиги норуоппутун таптыыр буолан биһиэхэ синагога туттаран биэрбитэ». 6 Иисус кинилэри кытта барсыбыта.

Дьиэҕэ чугаһаан истэҕинэ сотник Киниэхэ доҕотторунан илдьит ыыппыта: «Тойонуом, эрэйдэнимэ! Мин Эйигин дьиэбэр киллэрэр кыахтаах үтүө киһи буолбатахпын; 7 ол иһин Эйиэхэ бэйэм да тиийэрим сөптөөх дии санаабатым. Эн биир тылы этиэҥ эрэ кэрэх – кулутум экчи үтүөрүө. 8 Мин төһө да бэйэм бас бэринэр тойоттордоох буолларбын, бэйэм эмиэ бас билэр буойуннардаахпын, олортон биирдэрин бар диэтэхпинэ, барар; атынын кэл диэтэхпинэ, кэлэр; чаҕарбын эмиэ итини оҥор диэтэрбин эрэ, оҥорор».

9 Иисус маны истэн сөҕөн, батыһан иһэр дьоҥҥо эргиллибитэ: «Эһиэхэ этэбин, Мин Израильга даҕаны маннык итэҕэли булбатаҕым». 10 Сорукка ыытыллыбыт дьон дьиэҕэ төннөн кэлиилэригэр ыалдьыбыт[143] чаҕар хайыы-үйэ үтүөрэн тоһуйбута.

Наин куорат огдооботун уолун тилиннэрии

11 Бу кэнниттэн Иисус Наин диэн куоракка барбыта; Кинини кытта үгүс үөрэнээччилэрэ[144] уонна көй элбэх дьон барсыбыттара. 12 Кини куорат ааныгар чугаһаан истэҕинэ, биир ийэ соҕотох уола өлбүтүн утары таһааран иһэллэрэ. Дьахтар огдообо этэ. Кинини кытта куорат үгүс олохтоохторо хаамсан иһэллэрэ. 13 Айыы Тойон огдообону көрөн аһынан: «Ытаама», – диэбитэ уонна 14 чугаһаан кэлэн хоруобу таарыйбыта, онуоха көтөҕөн иһээччилэр тохтообуттара; Иисус эппитэ: «Эдэр киһи, эйиэхэ этэбин – тур!»

15 Өлбүт киһи өндөйөн олоро түспүтэ уонна саҥаран барбыта; Иисус кинини ийэтигэр туттарбыта.

16 Бары саллан: «Биһиэхэ улуу Пророк баар буолбут! Таҥара Бэйэтин норуотугар көмөлөһө кэлбит!» – диэн Таҥараны айхаллаабыттара. 17 Кини туһунан маннык сурах бүтүн Иудея устун тарҕанан, тулатынааҕы сирдэри эмиэ тилийэ көппүтэ.

Иисус Христос уонна Иоанн Сүрэхтээччи

18 Иоанн итини барытын үөрэнээччилэриттэн истэн баран, 19 икки үөрэнээччитин ыҥыран ылан, «Кэлиэхтээх Эн буолаҕын дуу, эбэтэр кими күүтэбит дуу?» диэн ыйыттара Иисуска ыыппыта.

20 Илдьиттэр Киниэхэ кэлэн эппиттэрэ: «Иоанн Сүрэхтээччи биһигини Эйигиттэн ыйыттара ыытта: Кэлиэхтээх Эн буолаҕын дуу, эбэтэр кими күүтэбит дуу?»

21 Бу кэмҥэ Иисус элбэх киһини ыарыыттан, кыаммат буолууттан, куһаҕан тыыннартан үтүөрдүбүтэ, үгүс хараҕа суохтарга күн сырдыгын бэлэхтээбитэ. 22 Иисус кинилэргэ эппитэ: «Баран тугу көрбүккүтүн-истибиккитин Иоаҥҥа кэпсээҥ: хараҕа суохтар харахтаналлар, доҕолоҥнор атахтаналлар, араҥ ыарыылаахтар ырааһыраллар, дьүлэйдэр истэр буолаллар, өлбүттэр тиллэллэр, оттон дьадаҥылар Үөрүүлээх Илдьити истэллэр. 23 Миигин саарбахтаабат киһи алгыстаах».

вернуться

[143] 7:10 Ыалдьыбыт – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох.

вернуться

[144] 7:11 Үгүс үөрэнээччилэрэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «үөрэнээччилэрэ».