Выбрать главу

17

Аньыы, итэҕэл уонна эбээһинэс

1 Оттон үөрэнээччилэригэр Иисус эппитэ: «Киһини аньыыга тардар моһоллор син биир баар буолуохтара гынан баран, сор-муҥ күүтэр ол моһол төрдө буолар киһини. 2 Кини бу турар кыралартан биирдэстэрин эмэ аньыыга уккуйуон кэриэтэ, моонньугар суоруна тааһын баайан, муораҕа тимирдибиттэрэ киниэхэ ордук буолуо этэ. 3 Бэйэҕитин көрүнэ сылдьыҥ. Быраатыҥ эйигин утары[175] аньыыны оҥордоҕуна сэмэлээ, оттон аньыытын билиннэҕинэ, кинини бырастыы гын; 4 биир күҥҥэ эйигин утары сэттэтэ аньыыны оҥорон баран, күҥҥэ сэттэтэ кэлэн: „Аньыыбын билинэбин“, – диир буоллаҕына, эн кинини бырастыы гынар буол».

5 Онтон биирдэ Апостоллар Айыы Тойонтон: «Итэҕэлбитин бөҕөргөт», – диэн көрдөспүттэрэ.

6 Айыы Тойон эппитэ: «Эһиги хартыыһа сиэмэтин саҕа итэҕэллээххит эбитэ буоллар, субу үүнэн турар смоковница, сиртэн силистэри хоҥнон байҕалга көс диэтэххитинэ, эппиккитин толоруо этэ. 7 Арай эһигиттэн хайаҕыт эрэ сир хорутар, биитэр сүөһү маныыр кулуттаах буоллун; ол кулуккут сыһыыттан кэлээтин, эһиги киниэхэ чэ, кэл, олорон аһаа диэн этиэххит этэ дуо? 8 Хата аһыахпын аспын тарт уонна бу аһыыр кэммэр курданан илии-атах буол, ол кэнниттэн бэйэҥ аһаар диэххит этэ буолбат дуо? 9 Бу кулуккут соруйбуккутун толордоҕуна, эһиги киниэхэ махтаныаххыт этэ дуо? Суох дии саныыбын[176]. 10 Ол курдук эһиги эмиэ ыйыллыбыты барытын толорон бараҥҥыт, биһиги туохха да турбат кулуттарбыт, толоруохтаах эбээһинэспитин эрэ толордубут диир буолуҥ».

Араҥ ыарыылаах уон киһини үтүөрдүү

11 Иерусалимҥа баран иһэн, Иисус Самария Галилеялыын быысаһар сиринэн ааһан испитэ. 12 Дэриэбинэҕэ киирэн истэҕинэ, араҥ буолбут уон киһи аара көрсөн, тэйиччи туран: 13 «Иисус Үөрэтээччи! Биһигини абыраа!» – диэн үөгүлэспиттэрэ.

14 Кинилэри көрөн, Иисус: «Баран аҕабыыттарга көрдөрүнүҥ», – диэбитэ. Олор баран иһэн ырааһыран хаалбыттара.

15 Биирдэстэрэ, үтүөрбүтүн көрөн, куолаһын муҥунан Таҥараны уруйдуу-уруйдуу, төннөн кэлбитэ 16 уонна махтанан, Иисус атаҕар умса түспүтэ. Бу – Самария киһитэ этэ.

«17 Барыта уон киһи үтүөрбүтэ буолбат дуо? – диэбитэ Иисус. – Оччоҕо тоҕуһа ханнаный? 18 Бу омук киһититтэн ураты тоҕо хайалара да Таҥараҕа махтана төннүбэтэ?» 19 Онтон киниэхэ эппитэ: «Чэ, туран бар, итэҕэлиҥ эйигин быыһаата».

Таҥара Саарыстыбата хайдах кэлэрин туһунан

20 Фарисейдар Таҥара Саарыстыбата хаһан кэлэрин Киниттэн ыйыппыттарыгар, маннык хоруйдаабыта: «Таҥара Саарыстыбата биллэрдик-көстөрдүк кэлиэ суоҕа, 21 „Көр, бу манна баар“, эбэтэр „Ол онно баар“ диэхтэрэ суоҕа: Таҥара Саарыстыбата эһиги искитигэр баар[177]».

вернуться

[175] 17:3 Эйигин утары – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.

вернуться

[176] 17:9 Суох дии саныыбын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.

вернуться

[177] 17:21 Таҥара Саарыстыбата эһиги искитигэр баар – эбэтэр «Таҥара Саарыстыбата эһиги ортоҕутугар баар».