Ким саамай улаханый?
24 Үөрэнээччилэр кинилэртэн хайалара ордук улахан аатырыахтааҕын туһунан мөккүспүттэрэ. 25 Иисус эппитэ: «Ыраахтааҕылар норуоттары баһылыыллар, бастаахтар үтүөнү оҥорооччуларбыт дэнэллэр. 26 Оттон эһиэхэ оннук буолуо суохтаах: улахаҥҥыт – кыраҕыт курдук буоллун, баһылыккыт – үлэһиккит курдук буоллун. 27 Хайалара улаханый: аһаары өттүгэстээн сытааччы дуу, эбэтэр кинини аһатар үлэһитэ дуу? Өттүгэстээн сытааччы буолбатах дуо? Оттон Мин эһиэхэ үлэһиккит кэриэтэбин.
28 Миигин тургутар бары ыарахан суолларга эһиги Миигинниин бииргэ сылдьыбыккыт, 29 онон Аҕам Миэхэ биэрбит Саарыстыбатын Мин эһиэхэ биэрэбин. 30 Мин Саарыстыбабар эһиги Миигинниин биир остуолга аһыаххыт, бүрүстүөлгэ олорон Израиль уон икки аҕатын ууһун дьүүллүөххүт».
Петр мэлдьэһиитин өтө көрүү
31 Онтон Айыы Тойон эппитэ[183]: «Симон! Симон! Сатана эһигини сэлиэһинэй бурдугунуу сиксийээри, көрдөспүтэ, 32 ол эрээри Мин, эн итэҕэлиҥ энчирээбэтин туһугар, үҥпүтүм. Эн эмиэ кэлин, эргиллэн кэллэххинэ, бырааттаргын бөҕөргөтөөр».
33 «Тойонуом! – диэбитэ Петр. – Мин Эйигин кытта хаалларга да, өлөргө да бэлэммин».
34 Иисус эппитэ: «Эйиэхэ этэбин, Петр: бүгүн бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигин билбэппин диэн үстэ мэлдьэһиэҥ».
Кумааһынньык, матаҕа уонна батас
35 Онтон үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Мин эһигини кумааһынньыга да, матаҕата да, атах таҥаһа да суох ыыппыппар эһиги туох эмэ кыһалҕаҕа ыллара сылдьыбыккыт дуо?»
«Суох, туох да кыһалҕаны билбэтэхпит», – дэспиттэрэ.
36 Иисус эппитэ: «Оттон билигин ким кумааһынньыктаах – онтун угуннун, матаҕатын эмиэ ыллын; оттон ким онтуката суох, ол сонун атыылаан батас атыыластын. 37 Эһиэхэ этэбин: Суруйууларга „Кинини хара дьайдаахтарга тэҥнээбиттэрэ“ диэн Мин туспунан этиллибит туолуох тустаах. Мин туспунан суруллубута барыта туолан эрэр».
38 Кинилэр эппиттэрэ: «Тойоммуот, манна икки батас баар».
«Сөп буолуо», – диэбитэ Иисус.
Елеон хайатыгар
39 Кини мантан тахсан, үгэһинэн Елеон хайатыгар барбыта, үөрэнээччилэрэ кэнниттэн батыспыттара. 40 Онно тиийэн баран, кинилэргэ эппитэ: «Тургутууну тулуйар туһугар, үҥүҥ». 41 Итиэннэ Бэйэтэ, бырахтахха, таас тиийэр сиригэр баран, сөһүргэстээн туран үҥпүтэ: 42 «Аҕаа! Оо, арай Эн бу эрэй-буруй иһитин Миигин тумуннарарыҥ буоллар! Ол эрээри Мин көҥүлбүнэн буолбатын, Эн көҥүлгүнэн буоллун».
43 Халлаантан Аанньал көстөн, Кинини бөҕөргөппүтэ. 44 Иисус ис-иһиттэн муунтуйан, ордук кыһаллан үҥпүтэ, Кини көлөһүнэ сиргэ саккырыы тохтор хаан курдуга[184].
45 Үҥэн бүтэн баран, үөрэнээччилэрин кэлэн көрбүтэ, санааҕа хам баттатан, утуйа сыталлара. 46 «Тоҕо утуйа сытаҕыт? – диэбитэ Кини. – Тургутууну тулуйар туһугар, туран үҥүҥ».
Иисус Христоһу тутуу
47 Арай бу этэ турдаҕына, дьон кэлэн иһэрэ көстүбүтэ, инники Уон Иккиэлэртэн биирдэстэрэ Иуда иһэрэ. Кини Иисуһу уураары, ыкса тиийэн кэлбитэ. Иуда «мин кими ууруубун да, ол Иисус буолуоҕа» диэн дьоҥҥо эрдэттэн бэлиэ биэрбит этэ.
48 Иисус киниэхэ эппитэ: «Иуда! Эн Киһи Уолун уурааҥҥын таҥнараҕын дуу?»
49 Онуоха үөрэнээччилэр туох буолан эрэрин өйдөөн: «Тойоммуот! Батаһынан охсуһабыт дуо?» – диэн ыйыппыттара. 50 Биир үөрэнээччитэ архиерей кулутун уҥа кулгааҕын быһа охсубута.